Владимир Путин быстах хомуурга тахсыбыт алҕастары туоратыы үлэтин күүһүрдэргэ сорудахтаата

Владимир Путин быстах хомуурга тахсыбыт алҕастары туоратыы үлэтин күүһүрдэргэ сорудахтаата

30.09.2022, 08:55
Бөлөххө киир:
Быстах байыаннай хомуурга алҕастар таһаарылланнар, үгүс эр дьон дьиэлэригэр төттөрү кэллилэр.
Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин Совбезка ыытыллыбыт мунньахха быстах хомуурга таһаарыллыбыт алҕастар кэмигэр  туоратыллыахтаахтарын итиэннэ инникитин маннык сыыһалар таһаарыллыа суохтаахтарын туһунан эттэ.
Бу туһунан нэһилиэнньэттэн элбэх боппуруос киирэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук,  элбэх оҕолоох аҕалар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон байыаннай хомуурга соһуччу ыытыллыбыт түгэннэрэ тахса тураллар.
— Өссө төгүл бэлиэтээн этэбин,  бастатан туран, байыаннай учуоттаах  исписээлинэстээх (военно-учетная специальность — ВУС) буойуннар, саппааска сылдьар гражданнар хомуллаллар, — диэн Владимир Путин иһитиннэрдэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: