Хаартыска: СИА
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа чааһынай клииникэлэр мэдиссиинискэй үлэһиттэрин биэнсийэҕэ эрдэ тахсыыларын боппуруоһун көрөргө соруйда, өскөтүн бу тэрилтэлэр мэдиссиинэ көмөтүн босхо оҥоруу судаарыстыбанан мэктиэлээх бырагырааматыгар кыттар буоллахтарына.
Маннык сорудах Кириэмил саайтыгар таҕыста. «Бэрэсидьиэн 2024 сыл тохсунньу 10-11 күннэригэр Чукотка автономнай уокуругар уонна Хабаровскай кыраайга оробуочай сырыытын түмүгүнэн сорудахтар кэрискэлэрин бигэргэппитэ. РФ Бырабыыталыстыбатыгар : дьоҥҥо мэдиссиинискэй көмөнү босхо оҥоруу судаарыстыбанан мэктиэлэнэр бырагырааматыгар кыттыыларын учуоттаан, доруобуйа харыстабылын кэтэх ситимин тэрилтэлэрин мэдиссиинискэй үлэһиттэрин биэнсийэҕэ эрдэ тахсыыларын хааччыйар боппуруоһу көрөргө», — диэн РИА НОВОСТИ суруйар. Этиилэри бу сыл муус устар 1 күнүгэр диэри киллэрэргэ этиллэр. РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин эппиэттээҕинэн анаммыт.
Хаартыска: СИА
Айсен Николаев Олоҥхо тыйаатырын Саха сирин норуоттарын култуурунай баайын эбийиэгинэн билинэр туһунан Ыйаахха илии баттаата.…
Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар суумкатын уордарбытын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини киин…
Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…
Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүр миэрэлэри олоххо киллэрэргэ…
Үгүс үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн баай Өлүөхүмэ улууһун 1-Нөөрүктээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэҕэ, ааспыт нэдиэлэҕэ сылы түмүктүүр тэрээһин буолан…
Кэлиҥҥи сылларга киин куоракка уонна улуустарга уопсастыбаннай сирдэр тупсаҕай оҥоһуулаах буолбуттарын Ил Дархан бүгүҥҥү Ил…