Владимир Путин: “Дьиэ кэргэн туруктаах буоларын туһугар”

Владимир Путин: “Дьиэ кэргэн туруктаах буоларын туһугар”

08.03.2024, 08:30
Хаартыска РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин ааспыт нэдиэлэҕэ, олунньу 29 күнүгэр, Этиитин иһитиннэрдэ. Манна кини доруобуйа харыстабылыгар, оҕо төрөөһүнүгэр, дьиэ кэргэҥҥэ, ыччаты иитиигэ, билимҥэ, култуураҕа ураты болҕомтотун уурда, хас да саҥа национальнай бырайыагы киллэрдэ.

“Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак

Владимир Владимирович бы­йыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын биллэ­рэн турар. Онон, бастатан туран, Этиитигэр “Дьиэ кэргэн” нацио­нальнай быра­йыак киирэрин туһунан иһи­тин­нэрдэ. Манна бэрэси­дьиэн оҕо төрөөһүнүгэр, доруобуйа харыс­табылыгар болҕомтону уурда. Бу быра­йыа­гынан Арассыыйа орто көрдө­рүүтүнээҕэр оҕо төрөөһүнэ аҕыйах эрэгийиэннэригэр феде­­рация бүддьүөтүттэн көмө көрүллүөҕэ. Ол курдук, 2030 сылга диэри эрэги­йиэннэр демография боппу­руоһугар көрөр бырагыраамаларыгар барыта 75 миллиард солкуобай барыаҕа. “Эһиилгиттэн бу көмө бэриллиэҕэ”, – диэн этэр бэрэси­дьиэн.

Иккиһинэн, дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыы туһунан эттэ. Санатан эттэххэ, билигин Арассыыйа үрдүнэн судаарыстыбаттан дьиэ кэргэҥҥэ үгүс көмө көрүллэр. Ол иһигэр дьиэ кэргэн ипотеката диэн баар. Бу көмө 2018 сыллаахха киирбитэ. Бу бырагырааманан билигин бастакыларын оҕоломмут ыал эмиэ туһаныан сөп. Владимир Путин бу чэпчэтии өссө алта сыл уһатыллан, 2030 сылга диэри үлэлиэҕин туһунан эттэ. Ону сэргэ манна сыһыаран үһүстэрин оҕоломмут ыалга ипотекаларын көҕүрэтэллэригэр федерация бүддьүөтүттэн 450 тыһыынча солкуобай көрүллэрин, бу бырагыраама эмиэ 2030 сылга диэри уһатыллыаҕын иһитиннэрдэ. Ону таһынан Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ киирбит икки бырыһыаннаах чэпчэтиллибит ипотекалар салгыы үлэлиэхтэрин туһунан эттэ.

Бэрэсидьиэн Ийэ хапытаала 2030 сылга диэри уһатылларын эттэ.

Үсүһүнэн, быйыл Владимир Путин элбэх оҕолоох ыал статуһун эрэгийиэн эрэ иһинэн буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тарҕанарыгар туһаан­наах ыйаах таһааран турар. Онон билигин элбэх оҕо­лоох ыалларга көрүллэр чэпчэтии­лэр эрэгийиэн эрэ иһинэн муҥурдаммакка, Арассыыйа ханнык баҕарар муннугар тарҕанар буоллулар. Итини таһынан Владимир Путин үстэн элбэх оҕолоох ыалга нолуогу төнүннэрии систиэмэтигэр уларытыылары киллэрэргэ эттэ. Билигин иккис оҕоҕо ый аайы нолуогу төнүннэрии суумата – 2800, үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго 6000 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Төрдүһүнэн, бэрэси­дьиэн Ийэ хапытаала 2030 сылга диэри уһатылларын эттэ. Бу иннинэ Ийэ хапытаала 2026 сылга диэри уһатыллыбыта, билигин бастакы оҕоҕо ылар суума 630 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, оттон иккис оҕоҕо – 202 тыһыынча сол­­куобай.

“Арассыыйа ыччата” бырайыак

Бэрэсидьиэн иккис киллэрбит бырайыага – “Арассыыйа ыччата”. Бу бырайыакка, бастатан туран, уһуйааччыларга болҕомто уурулунна. Ол курдук, оскуола, кэллиэс дириэктэрдэрин иитэр үлэҕэ сүбэһиттэрин, кылаас салайааччыларын, бөлөх куратордарын хамнастара үрдээтэ. “Манна ордук 100 тыһыынчаттан кыра ах­­сааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга болҕомтону уурар наада. Бу бырагыраамаҕа биһиги үгүс куораттарбыт, оройуон­нарбыт кииннэрэ, бары нэһилиэктэр киирэллэр. Манна үлэлиир кылаас салайааччыларыгар, кэллиэс, тиэхиньикум бөлөхтөрүн куратордарыгар бу ыйтан саҕалаан хамнастарыгар эбии уон тыһыынча солкуо­бай көрүллүөҕэ”, – диэн иһитиннэрдэ.

Иккиһинэн, бу бырайыакка билиини ылыы хаачыстыбатын көтөхтө. “Төрөппүт оҕотугар оскуоланы таһынан өссө репетиторы аныа суохтаах. Оҕо билиини оскуолаттан ылыах­таах. Биир кэлим эксээмэн саҥардыллан биэриэн наада. Итини таһынан оскуоланы бүтэрбит эдэр дьон бу эксээмэни хат туттаралларыгар кыах бэриллиэхтээх”, – диэн эттэ.

“Үлэһит” национальнай бырайыак

Үһүс саҥа бырайыагынан “Үлэһит” бырайыак буолар. Бу бырайыак эдэр исписэлиистэри үүннэрэн таһаарыыга туһуланар. Бырайыакка туох киириэҕэй?

Бастатан туран, оскуолаларга идэҕэ уһуйууну күүһүрдүү барыаҕа. Манна санатан этиим, Владимир Путин этиитинэн оскуолаларга билигин алтыс кылаастартан саҕалаан проф­ориентацияҕа биир кэлим систиэмэ олохтонон турар. Итини таһынан үөрэҕи уонна производствоны тэҥҥэ тутар сыалтан “Профессионалитет” диэн анал бырагыраама үлэ­лиир.

Иккиһинэн, орто үөрэхтэр эбийиэктэригэр, уопсай дьиэлэригэр өрөмүөн барыаҕа. 2030 сылга диэри 40 университекка саҥа кампустар үлэҕэ киириэхтэрэ.

“Экэниэмикэ уонна сыыппара” бырайыак

Владимир Путин үлэни сыыппараҕа көһөрүүгэ туспа бырайыак баар буолуохтаах диэн туран, “Экономика данных” (“Экэниэмикэ уонна сыыппара”) диэн төрдүс саҥа бырайыагы киллэрдэ. Бу бырайыак сүрүн хайысхатынан экэниэмикэни, социаль­най эйгэни сыыппараҕа көһөрүү буолуохтаах. Бу сыалга кэлэр алта сылга 700 млрд солкуобай көрүллүөхтээх. Билигин Арассыыйа судаарыстыбаннай өҥөлөрү куйаар ситиминэн биэриигэ аан дойду үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлээх.

Билимҥэ

Владимир Путин сыл устата билимҥэ үгүс кэпсэтиини ыытан кэллэ. Манна кини 2030 сылга диэри бу эйгэҕэ инвес­тиция киириитэ, ол иһигэр чааһынай биисинэстэн, икки төгүл үрдүөхтээҕин, Арассыыйа бары хайысхаларынан үлэни ыытыахтааҕын эппитэ. Онон инники ыыппыт мунньахтарыгар олоҕуран дойду бэрэсидьиэ­нэ билимҥэ эмиэ саҥа национальнай бырайыак киириэҕин туһунан эттэ.

Социальнай эбийиэктэр тутуулара

Бэрэсидьиэн Этиитигэр инфраструктураны сайыннарыыга үгүһү эттэ. Олортон биирдэстэринэн уһуйааннары, оскуолалары саҥардыы буолар. Арассыыйа үрдүнэн билигин оскуолалары тутуу, өрөмүөннээһин биир тиһиктээхтик бара турар. Ол эрээри билигин да 18,5 тыһыынчаттан тахса эбийиэк саҥардыллыан наада. “2030 сылга диэри эрэгийиэннэргэ хаарбах туруктаах эбийиэк­тэр кыһалҕаларын суох оҥоруохтаахпыт. Уһуйааннары уонна оскуолалары өрөмүөннээһиҥҥэ эбии 400 млрд сол­­куобай көрүллүөҕэ”, – диэн этэр. Владимир Путин манна сыһыаран эбии 150 оскуола, 100 уһуйаан тутуллуохтарын туһунан иһитиннэрдэ.

Ону таһынан ийэ уонна оҕо доруобуйатыгар болҕомтотун хатаан туран: “Бу бырагыраамаҕа хат дьахталлары көрөр, ону сэргэ перинатальнай кииннэри, оҕо балыыһаларын тутуу, саҥардыы инники күөҥҥэ туруоҕа. Кэлэр алта сылга манна анаан эбии 1 трлн солкуобайтан тахса үп көрүллүөҕэ”, – диэн иһитиннэрдэ.

Эрэгийиэннэр сайдыыларыгар

Владимир Путин быйыл куорат, улуус, нэһилиэк баһылыктарын мунньан улахан муниципальнай пуорум ыытан турар. Онно этиллибит кыһалҕалар бэрэсидьиэн Этиитигэр эмиэ киирэн биэрдилэр. Ол курдук, эрэгийиэннэр бүддьүөккэ кирэдьииттэригэр, инфраструктураны тутууга ыытар кирэдьииттэригэр уларытыылар киирдилэр. Манна сыһыаран Владимир Путин Хотугу Кавказка, Калининград уобалаһыгар, Донбааска, Новороссияҕа, Крымҥа, Севастопольга, Арктикаҕа, Уһук Илиҥҥэ киирбит бырагыраамалар 2030 сылга диэри уһатыллыахтарын иһитиннэрдэ. Билигин бу бырагырааманан Уһук Илин 22 куоратыгар маастар-былааннар оҥоһуллан тураллар. Ол иһигэр Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар былааннара. Владимир Путин бу пилотнай бырайыагы өссө кэҥэтэргэ, өссө 200 куоракка маастар-былаан оҥоһуллуон наадатын эттэ.

“Земскэй култуура үлэһитэ”

2025 сылтан “Земскэй учуутал”, “Земскэй дуоктар” курдук “Земскэй култуура үлэһитэ” диэн саҥа бырагыраама киирэн биэриэҕэ. Бу туһунан Владимир Путин Этиитигэр туспа пуунунан бэлиэтээтэ. “Өскөтүн култуура үлэһитэ кыра нэһилиэк­кэ, куоракка үлэлии кэлэр буол­лаҕына биирдэ бэриллэр көмө быһыытынан 1 мөлү­йүөн солкуобайы ылыаҕа, оттон Уһук Илин эрэгийиэннэргэ, Донбааска уонна Новороссияҕа бу суума 2 мөлүйүөн солкуобай буолуоҕа”, – диэн бэлиэ­тиир Владимир Владимирович.

Тыа сирин гаастааһын

Владимир Путин нэһилиэн­ньэлээх пууннары гаас­тааһыҥҥа куруутун болҕомтотун уурар. “Этиибэр нэһилиэн­ньэлээх пууннары гаастаа­һыны ойуччу тутан этиэм этэ. Билигин Саха сиригэр, Бурятияҕа, Хабаровскайга, Приморьеҕа, Забайкальеҕа, Мурманскайга, Амур уобалаһыгар, Еврей автономнай уобаласка, Карелияҕа, Красноярскайга гаас ситимин тардарга былааннар бааллар. Ону сэргэ Камчаткаҕа ыгыллыбыт гаас киириэхтээх. Онон сибээстээн социальнай гаастаа­һын бырагырааматын салгыы ыытабыт. Бу бырагыраама садоводческай табаарыстыба чилиэннэригэр эмиэ киириэ­ҕэ. Ону таһынан хоту дойдуга, Уһук Илин эрэгийиэннэр оройуон­нарыгар, ханна гаас кыайан киирбэт сиригэр, анал оборудованиены ылалларыгар көмө көрүллүөҕэ”, – диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: