Владимир Путин: «Дойдуга эккэ наадыйыы икки төгүл улаатта»
Дойдуга хамнас төһө да үрдээтэр, сыананы сиппэтин туһунан Арассыыйа олохтоохторо суруйаллар. Ол иһин, сыана үрдүүрүн туһунан ханнык эрэгийиэннэр ордук ыйыталларыгар рейтинг оҥоһуллубут.
Онуоха Камчатка кыраайа, Сахалин, Калининград, Иркутскай уобаластар олохтоохторо ыйыталлара биллибит. Ордук килиэп, балык, үүт, сымыыт, арыы, ону сэргэ оттук сыаната үрдээбитин туһунан суруйаллар.
Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар пресс-кэмпириэнсийэтигэр:
«… Мин ортотунан ылыллыбыт сыыппаралары холобурдуубун. Тоҕо диэтэххэ, биһиги тугу эмэ былаанныырбытыгар орто көрдөрүүгэ тирэҕирэбит. Сүрүнэ, ырыынак сыаната нэһилиэнньэ дохуотугар сөп түбэһиэхтээх эбэтэр нэһилиэнньэ дохуота, атыылаһар кыаҕа дойдуга оҥоһуллар табааар кээмэйигэр эппиэттиэхтээх. Биһиэхэ дохуот уонна хамнас төлөбүрэ, бородууксуйаны оҥоруу улаатарынааҕар, түргэн тэтимнээхтик үрдээбиттэрэ.
Тыа хаһаайыстыбатыгар өссө да ыйытыылар киириэхтэрэ. Билигин урутаан эттэхпинэ, этинэн биһиги бэйэбитин толору, 100 бырыһыан толору хааччынабыт. Бу үчүгэй көрдөрүү. Биһиэхэ сылга биир киһиэхэ 80 киилэ эт тиксэр, оттон аан дойдуга -– 42 киилэ курдук (орто көрдөрүү). Кэнники биһиэхэ эккэ наадыйыы икки төгүл улаатта.
Үүт туһунан эттэххэ, үүтү бэлэмнээһин сыл аайы элбиир, ол гынан баран, үүтү туһанааччы ахсаана эмиэ элбиир, арыыны оҥорорго тиийбэт. Арыы сыаната 33-34 бырыһыан үрдээтэ, сорох эрэгийиэннэргэ өссө үрдүк буолуон сөп», -– диэн быһаарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: