Владимир Путин экэниэмикэ боппуруостарыгар мунньах ыытта
Ааспыт сылга ньиэп, гаас атыытыттан федеральнай бүддьүөккэ 1,3 триллион солкуобай киирбит. Бүддьүөт туһунан дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин экэниэмикэ боппуруостарыгар ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Бэрэсидьиэн этэринэн, ааспыт сыллааҕы бүддьүөт дефицитэ ис валовай бородууктаҕа тэҥнэспитинэн 1,7 бырыһыанынан үрдээбит.
— Уопсай ылан эттэххэ, экэниэмикэбитигэр 2024 сыл куһаҕана суохтук ааста. Экэниэмикэбит сүрүн көрдөрүүлэрэ да ону кэрэһилииллэр. Холобур, бүддьүөппүт дефицитэ 1,7 бырыһыан ис валовай бородууктаҕа тэҥнэспитэ. Бу, билиҥҥи кэмҥэ, куһаҕана суох көрдөрүү, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Владимирович.
Ону тэҥэ Владимир Путин мунньахха ааспыт сылга бүддьүөккэ ньиэп, гаас атыытыттан ураты киирэр дохуот 26 бырыһыан үрдээбитин, федеральнай бүддьүөт тас дьайыылартан тутулуга суоҕун бэлиэтээтэ.
— Ити аата биһиги бүддьүөппүт дохуоттаах чааһа уйуктаах, тас дьайыылартан, сырьеттан тутулуга суох, — диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, былырыыни бүддьүөккэ ньиэп, гаас эйгэтиттэн эбии 1,3 триллион солкуобай киирбит. “Бу көрдөрүү Национальнай туруктаах буолуу пуондатын харыстааһыҥҥа олус улахан оруоллаах”, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: