Ааспыт сылга ньиэп, гаас атыытыттан федеральнай бүддьүөккэ 1,3 триллион солкуобай киирбит. Бүддьүөт туһунан дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин экэниэмикэ боппуруостарыгар ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Бэрэсидьиэн этэринэн, ааспыт сыллааҕы бүддьүөт дефицитэ ис валовай бородууктаҕа тэҥнэспитинэн 1,7 бырыһыанынан үрдээбит.
— Уопсай ылан эттэххэ, экэниэмикэбитигэр 2024 сыл куһаҕана суохтук ааста. Экэниэмикэбит сүрүн көрдөрүүлэрэ да ону кэрэһилииллэр. Холобур, бүддьүөппүт дефицитэ 1,7 бырыһыан ис валовай бородууктаҕа тэҥнэспитэ. Бу, билиҥҥи кэмҥэ, куһаҕана суох көрдөрүү, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Владимирович.
Ону тэҥэ Владимир Путин мунньахха ааспыт сылга бүддьүөккэ ньиэп, гаас атыытыттан ураты киирэр дохуот 26 бырыһыан үрдээбитин, федеральнай бүддьүөт тас дьайыылартан тутулуга суоҕун бэлиэтээтэ.
— Ити аата биһиги бүддьүөппүт дохуоттаах чааһа уйуктаах, тас дьайыылартан, сырьеттан тутулуга суох, — диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, былырыыни бүддьүөккэ ньиэп, гаас эйгэтиттэн эбии 1,3 триллион солкуобай киирбит. “Бу көрдөрүү Национальнай туруктаах буолуу пуондатын харыстааһыҥҥа олус улахан оруоллаах”, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ньурба куоракка суотабай…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 28 күнүгэр Самара уобалаһыгар Тольятти куоракка “АвтоВаЗ” собуотугар сырытта.…
Дьокуускайга 2022 сыл ахсынньы 7 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 23 күнүгэр диэри урбаанньыт "Өрөгөй" диэн…
Бүгүн, тохсунньу 29 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 54 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Национальнай архыып Саллааттар, мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэтин уонна "Аҕа дойдуну көмүскээччилэр" пуонда салаатын кытта бииргэ үлэлэһэн, …
2026 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа Кэбээйи улууһугар ыытыллыахтаах. Онон улахана суох кэм хаалбытынан, билигин нэһилиэктэргэ…