Салгыы
Владимир Путин Өлүөнэ муостатын тутуутугар чуолкай болдьоҕу ыйарга сорудахтаата

Владимир Путин Өлүөнэ муостатын тутуутугар чуолкай болдьоҕу ыйарга сорудахтаата

06.09.2023, 01:26
РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Өлүөнэ, Алдан өрүстэрин туоруур муосталар туһунан бэҕэһээ, балаҕан ыйын 5 күнүгэр, Уһук Илин эрэгийиэннэр куораттарын – Анадырь, Магадан уонна Дьокуускай – маастар-былааннарын, сайдыыларын туһунан ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.

Владимир Путин мунньах иннинэ бу саас ыам ыйыгар Дьокуускай куорат маастар-былаанын туһунан кэпсэтии барбытын иһитиннэрдэ.

Дьокуускай туһунан эттэххэ, биһиги бу саас Арассыыйа креативнай экэниэмикэтин сайдыытын быыстапкатыгар куорат маастар-былаанын туһунан кэпсэтэн турабыт. Онно биһиги Дьокуускайга киинэ павильонун тутар туһунан сөбүлэспиппит. Бу павильоҥҥа киинэ кыһыннары уһуллар усулуобуйата оҥоһуллуохтаах, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.

Бэрэсидьиэн Магадан, Анадырь уонна Дьокуускай куораттар маастар-былааннарын оҥорууга суол-иис, айан-сырыы улахан оруоллааҕын бэлиэтээн туран, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун туһунан эттэ.

Бу куораттар маастар-былааннарыгар бастакы уочарат суол-иис, тырааныспар сайдыытын көрүөххэ наада. Арассыыйа хотугулуу-илин өттүгэр улахан тутуунан Өлүөнэ муостата буолуохтаах. Бу туһунан кэпсэтии барбыта ыраатта. Итини таһынан “Халыма” федеральнай суол өрөмүөннэниэхтээх, манна эмиэ Алдан өрүһү туоруур муоста тутуллуохтаах. Бу муоста “Халыма” суолугар кыһыннары-сайыннары сырыы баар буоларын хааччыйыаҕа. Онон Өлүөнэ муостата тутуллан олоххо киириитин болдьоҕун ыйан туран Дьокуускай социальнай-экэнэмиичэскэй былааныгар киллэриэххэ. Итини таһынан Алдан муостатыгар эмиэ болдьоҕу туруоруохха , — диэн иһитиннэрдэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ.

Владимир Путин бу тутуулар бары тыйыс айылҕалаах сиргэ ыытыллалларынан матырыйаалы, тутуу хаамыытын ураты болҕомтоҕо ыларга эттэ.

Бу үс куорат бары тыйыс айылҕалаах сирдээхтэр-уоттаахтар. Онон тутууга аныгы үйэ матырыйаалларын хото туһаныы барыахтаах, тутууну ыытыыга саҥа, сонун көрүүлэр, быһаарыылар ирдэниллэллэр. Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн бу эрэгийиэннэргэ дьон-сэргэ олорор, үлэлиир усулуобуйатын тупсарыы, эдэр исписэлиистэр кэлэллэрин ситиһии буолар, — диэн эттэ.

Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин дакылаатыгар Өлүөнэ муостатын үбүлээһинигэр болҕомтотун уурда. Кини бэлиэтииринэн, тутуу үбүлээһини аҥаарын федеральнай бүддьүөт уйунуохтаах. Ону таһынан Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ бэйэтин өттүттэн үбү-харчыны угарыгар инфраструктурнай кирэдьиит бэриллэрэ наадатын иһитиннэрдэ.  Айсен Николаев НДС  учуоттаан туран, муостаны тутуу  суумата 130 млрд солк. буоларын эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: