Салгыы
Владимир Путин: «Фронт бары лииньийэтинэн кимэн киирии барар»

Владимир Путин: «Фронт бары лииньийэтинэн кимэн киирии барар»

19.12.2024, 19:22
Хаартыска: ОТВ-Прим.
Бөлөххө киир:

Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтигэр ТАСС суруналыыһа анал байыаннай дьайыы билиҥҥи хаамыытын хайдах сыаналыыгын, Кыайыы төһө чугаһый диэн ыйытта.

— Биллэн турар, мин маннык ыйытыы кэлиэ диэн сэрэйбитим, онон бэлэмнэнэн кэлбитим, — диэн бэрэсидьиэн эттэ уонна Тиихэй акыйаан флотун муора пехотатын 155-с гвардейскай биригээдэтин знамятын куоппуйатын байыастар илии баттаан бэлэхтээбиттэрин, илдьэ кэлэн, тэнитэн көрдөрдө.

Манна даҕатан эттэххэ, бу аатырбыт  155-с биригээдэҕэ биһиги биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров  сулууспалаабыта.

— Билигин балаһыанньа күн-түүн уларыйа турар. Фронт бары лииньийэтинэн хамсааһын бара турар. 100-200 миэтэрэҕэ эрэ кимэн киирии буолбатах, байыастар хас күн аайы квадратнай килэмиэтиринэн сири-дойдуну ылаллар. Тоҕо маннык буоларый? Урут да буоларын курдук, бастаан өстөөхтөр кимэн киирэллэр, хотторуу да баар буолар, ол эрээри, тиһэҕэр биһиги кимэн киириибит хотуулаах буолар.

Билигин инникини өтө көрөн, саба быраҕан этэр наадата суох. Ол эрээри, билигин биһиги бастакы соруктарбытын толорорго тэтимнээхтик хамсаан иһэбит. Биһиги байыастарбыт дьоруойдуу сэриилэһэллэр. Сэбилэниилээх күүстэр кыахтара улаатан иһэр. Бу 155-с биригээдэ билигин Курскай уобаласка сэриилэһэр, өстөөҕү биһиги сирбититтэн-уоппутуттан үүрэр. Кинилэргэ ситиһиини, кыайыыны уонна дьиэлэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: