Дьокуускайга кэлэн, Бэрэсидьиэн Владимир Путин дьону кытта көрүстэ. Ыйытыыларга хоруйдууругар Уһук Хоту үлэлииргэ бэриллэр эбиликтэр НДФЛ нолуогар учуоттаныа суохтаахтар диэн эттэ. Бу туһунан РИА-Новости суруйар.
— Хоту дойдуга үлэлиир уратылаах, хотугу эбиликтэр уустук, тыйыс усулуобуйаҕа үлэлиир иһин бэриллэллэр. Хоту дойдуга килиимэт кытаанаҕын, онно үлэлиир уустугун бары билэбит… Нолуогу ааҕыыга ити дохуот (хотугу эбиликтэр) ааҕыллыа суохтаах. Баазовай, сүрүн чааһа эрэ ааҕыллыахтаах. Мин хайаан да маннык сорудаҕы Бырабыыталыстыбаҕа биэриэм, — диэн Бэрэсидьиэн эттэ.
Маны тэҥэ, кини Уһук Хоту уонна онно тэҥнэһэр оройуоннарга бастайааннай олорор, үлэлиир дьоҥҥо үлэ бастакы күнүттэн хотугу эбилик төлөнөрүн мэктиэлиир уонна бу оройуоннартан көһөн барыы мэхэньииһимнэрин тупсарар туһунан соруйда.
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…