Салгыы
Владимир Путин: «Иккис хомуур ыытыллыбат»

Владимир Путин: «Иккис хомуур ыытыллыбат»

15.06.2023, 09:10
РИА-сонуннара
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  байыаннай суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр иккис хомуур билигин ыытыллыбатын туһунан иһитиннэрдэ.

Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, билигин байыаннай операцияҕа хантараагынан дьону ылыы бара турар.

Бу үлэни Оборуона министиэристибэтэ биир ситимнээхтик былаанынан ыытан иһэр. Ханна туох исписэлиис тиийбэтинэн ылаллар. Онон барыларын биир күдьүс хантараагынан ылыы диэн суох. Хомуурунан барбыт дьон хаһан дьиэлэригэр төннөллөрүй диэн үгүс киһи ыйытар. Саллааттар байыаннай дьайыыларга сылдьар болдьохторо сокуонунан ыйыллыбат. Бу болдьох  байыаннай операция хаамыытыттан уонна аармыйа састаабыттан тутулуктаах. Ол эрээри билигин биһиги саллааттарга барыларыгар уоппуска диэни көрөн олоробут. Онон үгүстэр дьиэлэригэр кылгас кэмҥэ сынньанан кэлэр кыахтаахтар, — диэн этэр кини.

Владимир Путин иккис хомуур дойду үрдүнэн билигин ыытыллыбатын этэр.

Бу боппуруоһу  байыаннай операция хаамыытыттан көрүөххэ наада, билиҥҥитэ хомууру ыытыыга наадабыт суох. Ити үөһээ этэн аһарбытым курдук хантараагынан ылыы бара турар. Билигин 150 тыһыынча киһи хантараагынан ылылынна, бэйэ баҕатынан барааччылары кытары аахтахха 156 тыһыынча киһи. Билигин дьон-сэргэ бэйэ баҕатынан кэлэн суруйтараллар. Холобур, ааспыт нэдиэлэҕэ 9,5 тыһыынчаттан тахса киһи суруттарбыт. Онон, өссө төгүл этэбин, билигин дойду үрдүнэн хомууру ыытыы барбат, — диэн этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: