Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин IX Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кыттааччыларыгар, тэрийээччилэригэр уонна ыалдьыттарыгар туһаайбыт эҕэрдэтин Кириэмил саайтыгар таһаардылар.
Дойду баһылыга пуорум бу үлэлээбит сылларыгар дойду Азиатскай-Тихоокеанскай эрэгийиэн судаарыстыбаларын кытта конструктивнай экэниэмикэҕэ биллэр кылааты киллэрбитин бэлиэтээтэ.
“Пуорумҥа Арассыыйа уонна тас дойду урбаанньыттара, бэрэстэбиитэллэрэ судаарыстыбаннай биэдэмэстибэлэри, уопсастыбаннай тутуллары, эспиэрдэри кытта быһаччы уонна истиҥ кэпсэтиилэрэ эрэгийиэн элбэх күннээҕи бэбиэскэтин суолталаах боппуруостарын ырытарга, туһалаах кыттыгас бырайыактары оҥорорго көмөлөөх. Бу быйылгы пуорум девиһигэр — «Дальний Восток – 2030. Объединим усилия, создавая возможности» эмиэ көстөр”, – диэн Владимир Путин этиитин суруйаллар.
Бэрэсидьиэн этэринэн, Азиатскай-Тихоокеанскай эрэгийиэн норуоттар икки ардыларынааҕы дьыалаларга оруола тэтимнээхтик үрдүүр. Таһаарыылаах холбоһукка саҥа кыахтар үөскүүллэр, ол иһигэр Евразэс, ШОС, БРИКС курдук ааттаах-суоллаах элбэх хайысхалаах тутулларга эмиэ.
“Арассыыйа Азиатскай-Тихоокеанскай сиргэ бары сэҥээрээччилэри кытта кэпсэтиигэ куруук аһаҕас, норуоттар икки ардыларынааҕы диктаттан, күүс уонна хааччахтааһын модьуйуутуттан көҥүл сыһыан тэҥ быраабыгар, ордук сөптөөх, демократичнай систиэмэни тутан бииргэ үлэлэһэргэ көхтөөх”, – диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.
Владимир Путин пуорум кыттыылаахтара араас эйгэҕэ саҥа, кэскиллээх бииргэ үлэлэһиилэр көрүҥнэрин туһунан толкуйдуур сорук турарын бэлиэтиир: тырааныспартан, энэргиэтикэттэн уонна инфраструктураттан экологияҕа, туризмҥа тиийэ.
Быйылгы пуорум балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивостокка ыытыллыаҕа. Пуорум сүрүн тиэмэтэ – «Дальний Восток – 2030. Объединим усилия, создавая возможности».
Панельнай сиэссийэ, “төгүрүк остуоллар”, биисинэс кэпсэтиилэр курдук барыта 100-тэн тахса тэрээһини былаанныыллар. Саха сирэ 20 сиэссийэҕэ кыттыаҕа, ол иһигэр, энэргиэтикэ, логистика, климатическай бэбиэскэ уонна инфраструктура боппуруостарынан. Бигэргэтиллибит сиэссийэлэргэ «Креативный каркас–2030», «Северный завоз», «Культурное лидерство» бааллар.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…