Владимир Путин инженердэри бэлэмнээһин туһунан кэпсэттэ

Share

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин наука уонна үрдүкү үөрэх миниистирин Валерий Фалькову кытары көрсөн, “Инженердэр инники күөҥҥэ иһэр оскуолалара” диэн федеральнай бырайыак туһунан ыйыталаста.

Бу бырайыак 2022 сылтан үлэлиир. Ити сыл 15 эрэгийиэҥҥэ 30 оскуола аһыллан үлэҕэ киирбитэ. Күн бүгүн инженердэр оскуолалара 28 эрэгийиэҥҥэ үлэлии турар. Арассыыйа үрдүнэн барыта 50 маннык оскуола баар.

Наука уонна үрдүкү үөрэх миниистирэ Валерий Фальков бэлиэтииринэн, хас биирдии оскуола үрдүкү үөрэх систиэмэтин саҥардыыга былаһаакка буолар.

Хас биирдии оскуола икки сүрүн соруктаах. Бастатан туран, инженердэри бэлэмнээһиҥҥэ, үөрэх систиэмэтин саҥардыыга инники күөҥҥэ иһэр былаһааккалар буолаллар. Иккиһинэн, бырамыысыланнас эйгэтигэр технологияны сайыннарыыга бу оскуолалар киллэрэр кылааттара улахан. Хас биирдии оскуола улахан хампаанньалары кытары тэҥҥэ сөҥнөһөн үлэлиир. Онон үөрэх да, практика да өттүнэн устудьуоннар баай уопуту ылаллар, — диэн этэр кини.

Маны таһынан билигин бу бырайыак оскуола оҕолорун түмэ тардан, идэҕэ уһуйууга көмө-тирэх буолуохтаах. Эрдэ Владимир Путин инженердэр оскуолалара кэнэҕэскитин науканы, үөрэҕи, бизнеһи биир ситимҥэ киллэрэн, бу эйгэҕэ каадыры бэлэмнээһиҥҥэ да, технологияны сайыннарыыга да төһүү буолуоҕун туһунан иһитиннэрбитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньалыас Уйбаан – сирдьит, хааччыйааччы

Биллэрин курдук, саха норуотун чулуу уола Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй киһи уонна гражданин быһыытынан…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эһиил Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев  Нерюнгригэ оробуочай сырыытын кэмигэр 2025 сылга ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруостарын…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Нерюнгри оройуонугар үлэлиир

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев оробуочай сырыынан Нерюнгри оройуонугар тиийдэ. Тута үөрэх эбийиэктэригэр сылдьан,  …

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга хас да буолан биир киһини кырбаабыт дьону туттулар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ ыччаттар хас да буолан биир эдэр киһини сидьиҥник кырбыыр, тэбиэлиир видеолара…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тас дойдуга тахсыыга гражданство бэлиэтэ. Ол тугуй?

Сайын саҕаланна да, кый ыраах олорор дьон быһыытынан ханна эрэ ичигэс сиргэ күүлэйдии барыах баҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа БКЭ үрдүк баалга туттарбыттарга бириэмийэ олохтонно

Быйыл Нам улууһун оскуолаларын 228 оҕо бүтэрдэ. Нам киинигэр М.К. Аммосов болуоссатыгар оскуоланы кыһыл уонна…

3 часа ago