Салгыы
Владимир Путин ипэтиэкэ каникулун туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Кимнээххэ?

Владимир Путин ипэтиэкэ каникулун туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Кимнээххэ?

17.04.2023, 13:30
Хаартыска: Объясняем.РФ
Бөлөххө киир:

Бу сокуон халаан уутуттан уонна да атын айылҕа алдьархайыттан эмсэҕэлээбит олорор дьиэҕэ ипэтиэкэҕэ иэһи төлүүр ноҕуруусканы аҕыйатыаҕа.

Билигин ипэтиэкэ кирэдьиитин ылбыт РФ олохтоохторо сорох түбэлтэҕэ сыл аҥара болдьоххо кирэдьиит каникулун көрдүүр бырааптаахтар. Бу кэм устата иэстэрин төлүө суохтарын эбэтэр кыралаан төлүөхтэрин сөп. Холобур, бастакы эбэтэр иккис группалаах инбэлииттэр, икки ыйтан ордук быстах кэмҥэ үлэлээбэтэх, ыйдааҕы орто дохуоттара 30% намтаабыт, үлэтэ суох хаалбыт уонна үлэтэ суох быһыытынан регистрацияламмыт дьон.
Ону сэргэ, ыксаллаах быһыы-майгы зонатыгар олорор уонна ыксаллаах балаһыанньаттан эмсэҕэлээбит заемщиктар ипэтиэкэ каникулун көрдүөхтэрин эмиэ сөп. Онуоха заемщик олоҕун усулуобуйата айгыраабытын уонна баайын-дуолун сүтэрбитин кэнниттэн 60 күн иһигэр кирэдьиит биэрээччигэ биллэриэхтээх.

БЫҺААРЫЫ:
Айылҕа алдьархайыттан тахсыбыт ыксаллаах быһыыга-майгыга халаан уута, баһаардар, хаар сиҥниитэ, сир хамсааһына, булкааннар уо.д.а. айылҕа алдьархайа киирсэллэр. Онтон техногеннай майгыннаах ыксаллаах быһыыга-майгыга тырааныспарга, бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр, гидротехническай тутууларга, уот ыстаансыйаларыгар, радиактивнай, химическэй уонна биологическай биэсcэстибэлэртэн тахсыбыт саахаллар киирэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: