Владимир Путин искэн ыарыытын утары вакцина оҥорор уолдьаспытын иһитиннэрдэ
Арассыыйаҕа искэн ыарыытын (араагы) утары аныгы көлүөнэ вакцинатын оҥорор уолдьаста диэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, былырыын дойдуга 530 эмп көрүҥэ оҥоһуллубут. Дойду баһылыга сотору кэминэн вакцина оҥоһуллан үгүс дьон иммунитетын күүһүрдэн ыарыыга бэриммэт буолуоҕар эрэллээҕин эппит.
«Аныгы көлүөнэ онковакциналарын оҥорорго чугаһаатыбыт. Сотору кэминэн мэдиссиинэҕэ туттуллар буолуоҕа «, — диэн кэлэр кэм технологияларын пуорумугар эттэ. Маны сэргэ учуонайдар уонна быраастар өҥөлөрүнэн, сүрэх-тымыр хирургиятыгар, реаниматологияҕа уонна генетическэй ыарыылары быһаарарга үлэ саҕаламмытын иһитиннэрдэ. Аан дойдутааҕы пуонда араак ыарыыны чинчийбит дааннайынан, 2020 сыл түмүгүнэн, 18 мөл.киһи бу ыарыыга ыалдьыбыт. Онтон 9,3 мөл. түгэн эр дьоҥҥо бэлиэтэммит. 8,8 мөл. түгэн дьахталларга. Киһи өлүүтүгэр аан дойдуга бу ыарыы иккис миэстэҕэ турар эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: