Владимир Путин: “Исписэлиистэри бэлэмнээһин биир тиһиктээх буолуохтаах”
Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын академиятын судаарыстыбаны салайыыга каадыры бэлэмниир анал бырагырааматын выпускниктарын кытары көрүстэ.
Санатан эттэххэ, бу бырайыак 2017 сыллаахтан үлэлиир. Бу сыл устата анал бырагырааманы барыта 463 киһи бүтэрбит. Балартан 57 киһитэ эрэгийиэн салайааччыта буола үүннэ, сэттэ выпускник Арассыыйа сирэй миниистирэ буолла, тоҕус киһи миниистири бастакы солбуйааччынан анаммыта.
Владимир Путин бэлиэтииринэн, бу бырайыак сэттэ сыл устата көдьүүстээҕин уонна туһалааҕын дакаастаата.
— Бу бырагыраама 2017 сылтан үлэлиир. Бу кэм устата выпускниктар миниистирдэргэ, губернатордарга тиийэ үүннүлэр. Ол иһин норуокка бу бырайыак “губернатордар оскуолалара” диэн биллэр. Сэттэ сыл устата бырайыак көдьүүстээҕин уонна судаарыстыбаны салайыыга туһалааҕын көрдөрдө, — диэн этэр кини.
Бэрэсидьиэн этэринэн, бырайыак үөрэҕи уонна күннээҕи үлэни тэҥҥэ дьүөрэлииринэн уратылаах.
— Бырагыраама сүрүн уратыта диэн манна үөрэх уонна күннээҕи үлэ тэҥҥэ түмүллэрэ буолар. Бырагыраама кыттыылаахтара теорияны тута үлэлэригэр киллэрэн, туһаммытынан бараллар. Ол иһин үөрэх көдьүүһэ өссө улаатан биэрэр. Маны таһынан бырагыраамаҕа бэйэлэрин идэлэрин толору баһылаабыт практик-салайааччылар кыттыһан үлэлээтилэр. Онон, мин санаабар, эдэрдэр сүбэ-ама ылыыларыгар бу олус көмөлөөх буолла, — диэн этэр бэрэсидьиэн.
Ону таһынан Владимир Путин бу бырайыак каадыры бэлэмнээһин систиэмэтин биир көрүҥэ буоларын, манна араас саастаах дьон, анал куонкурустар, үөрэтэр кииннэр хабыллалларын бэлиэтээтэ. Бу бырайыак салгыы сайдан барыаҕын туһунан иһитиннэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин бэйэтин Анал этиитигэр олохтоох салайыныыга каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ анал бырагыраама киирбитин, анал байыаннай операция кыттыылаахтарыгар “Дьоруойдар кэмнэрэ” диэн бырагыраама олохтонуллубутун иһитиннэрбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: