Владимир Путин итэҕэллээх дьоно авиапуорт үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр

Share

Бүгүн Владимир Путин итэҕэллээх дьоно «Афганистан бэтэрээннэрин сойууһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Валерий Лютай уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Марина Бахилина «Якутия» уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньалар үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр.

Валерий Лютай «Афганистан бэтэрээннэрин сойууһун» үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ уонна дойду сайдыы саҥа таһымыгар таҕыста, чуолаан, авиация салаатыгар диэн бэлиэтээн эттэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги иннибитигэр 2030 сылга диэри 1000-ча сөмөлүөтү оҥорон таһаарар сорук турар. Кэлэр өттүгэр дойдубутугар аныгы авиалайнердар баар буолуохтара», — диэтэ Валерий Лютай.
Ол курдук, көрсүһүүгэ Арассыыйаҕа «аан дойдуга бастыҥ сөмөлүөт» — Ту-160 «Белый лебедь» оҥорон таһааралларын, онно наадалаах аныгы систиэмэ барыта баарын бэлиэтээтилэр. Владимир Путин «Белый лебедь» сөмөлүөт туһунан истэн эрэ билэр буолбатах, 2005 сыллаахха сөмөлүөт хабыынатыгар олорон байыаннай лүөтчүктэри кытары биэс чаастаах көтүүнү оҥорбута, ону ааһан штурвалга олорбута.

Оттон Марина Бахилина Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын үлэтин туһунан кэпсээтэ уонна авиация үлэһиттэригэр байыаннай дьайыыга гуманитарнай көмөнү ыытарга көмөлөрүн иһин махтанна.

Санатан эттэххэ, РФ Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар Владимир Путин итэҕэллээх дьонунан 544 киһи икки испииһэгинэн регистрацияламмыта. Онно култуура уонна искусство, успуорт, биисинэс, мэдиссиинэ эйгэтин ааттаах-суоллаах бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Сүрэҕим сылаас дорҕооно, баяным кэрэ доҕуһуола

Сэтинньи 26 күнүгэр Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх Оҕо муусукатын, ускуустубатын оскуолатын кэнсиэртиир саалатыгар Иннокентий Романов айымньылаах…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Экологическай дьыктаан ыытыллыаҕа

Ахсынньы 5 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан буолуоҕа. Дьыктаан сыала-соруга…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутууну саҕалыахтара

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

1 час ago