Владимир Путин итэҕэллээх дьоно Сахастат кэлэктиибин кытта көрүстүлэр

Share

Судаарыстыбаннай статистика Саха сиринээҕи сирдээҕи-уоттааҕы уорганын кэлэктиибэ өрөспүүбүлүкэттэн Владимир Путин итэҕэллээх дьонун кытта көрүстэ: Саха сиригэр Афганистан Бэтэрээннэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Валерий Лютайы уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Марина Бахилиналыын.

Көрсүһүүгэ итэҕэллээх дьон биэдэмистибэ кэлэктиибигэр байыаннай дьайыы байыастарыгар көмөлөрүн иһин махтаннылар. Сахастат үлэһиттэрэ тиэхиньикэ атыылаһыытыгар харчы биэрбиттэрэ, ону тэҥэ маскировкалыыр сиэткэни баайбыттара.

Кэлэктиипкит байыастарга көмөлөһөрүн билэбин. Онон махтанабын. Байыастар ийэлэрэ уонна кэргэттэрэ бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр. Билигин элбэх омуктаах норуот бииргэ түмсэр. Байыаннай суолунан биһигини кыайбаккын, ол иһин биһигини испититтэн мөлтөтө сатаабыттара, оттон биһиги төттөрүтүн сомоҕолостубут”, — диэтэ Валерий Лютай.

Марина Бахилина байыаннай дьайыы зонатыгар үлэтин уонна патриотическай иитии суолтатын туһунан кэпсээтэ.

Төрөппүттэрим миигин патриотизм тыыныгар ииппиттэрин курдук, оҕолорбун оннук ииппитим. Билигин саамай сүрүммүт – Ийэ дойдуну таптааһын, дьоҥҥо көмөлөһүү”, — диэтэ кини.

Кинилэр маны сэргэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай уонна судаарыстыбаннай бырайыактарын туһунан кэпсээтилэр.

Биһиэхэ оҕо төрөөһүнэ элбээтэ, өлүү аччаата. Судаарыстыба өйөбүлүн биллибит”, — диэн эбэн эттэ Бахилина.

Санатан эттэххэ, Киин Быыбардыыр хамыыһыйа Владимир Путин итэҕэллээх 544 дьонун быһаарбыта. Кинилэр кэккэлэригэр култуура, искусство, успуорт, биисинэс, мэдиссинэ эйгэтин биллэр бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Чуолаан, актердар Сергей Безруков уонна Владимир Машков, режиссер Никита Михалков, дирижер Юрий Башмет, тириэньэр Ирина Винер уо.д.а.

Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара 2024 сыл кулун тутар 15 күнүттэн 17 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Киин Быыбардыыр хамыыһыйа түөрт хандьыдааты регистрациялаабыта. Бу судаарыстыба билиҥҥи баһылыга Владимир Путин, ону тэҥэ Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкай (ЛДПР) унна Владислав Даванков (“Новые люди”).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

5 часов ago