Владимир Путин итэҕэллээх дьоно тырааныспар салаатын үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр

Share

Көрсүһүүгэ Владимир Путин Саха сиригэр итэҕэллээх дьоно кыттыыны ыллылар. Ол иһигэр  «Афганистан бэтэрээннэрин Арассыыйатааҕы сойууһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Валерий Лютай уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Бахилина.

Валерий Лютай Афганистан бэтэрээннэрин Арассыыйатааҕы сойууһун үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ уонна байыаннай дьайыы тастан сааныыларын утары биһиги дойдубут дьоно-сэргэтэ бары түмсүүлээх буолууларын көрдөрдө диэн бэлиэтээн эттэ.

«Тас күүстэр Арассыыйаҕа төһөнөн куһаҕаны оҥоро сатыыллар даҕаны, соччонон биһиги уопсастыбабыт сомоҕолоһуута күүһүрэр. Биһиги биир улахан дьиэ кэргэн курдук сомоҕолоһобут», — диэтэ Лютай.
Марина Бахилина Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин үлэтин,  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас хайысхалаах көмө оҥоһулларын туһунан кэпсээтэ.

Көрсүһүү кыттыылаахтара кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ инфраструктура күүскэ сайдан иһэрин бэлиэтээтилэр – саҥа суоллар, муосталар, аэропуортар тутуллаллар. Маннык тутуулар эрэгийиэн уонна федеральнай былаас көдьүүстээхтик бииргэ үлэлээһиннэрин, тустаах министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр көдьүүстээх үлэлэрин түмүгэр, ону сэргэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илини сайыннарыыга уонна тутаах национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ тус болҕомтотун уурарынан ситиһиллэллэр

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

13 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

15 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

44 минуты ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago