Салгыы
Алексей Егоров Бүлүү улууһун олохтоохторун кытта көрүстэ

Алексей Егоров Бүлүү улууһун олохтоохторун кытта көрүстэ

Ааптар:
14.03.2024, 10:13
Бөлөххө киир:

Артыыс, продюсер уонна «Сахафильм» хампаанньа дириэктэрэ Алексей Егоров (Өркөн) Бүлүү улууһугар тиийэн дьону-сэргэни кытта көрсөн кэпсэттэ.

Кини дойдуга үлэлиир социальнай бырагыраамалары уонна бырайыактары кэпсээтэ. «Национальнай бырагыраамаларынан Арассыыйа дьонун-сэргэтин олоҕо-дьаһаҕа тупсар. Ол курдук биһиэхэ «ийэ хапытаала», «хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү», «суолу-ииһи тутуу» бырагыраамалара, о.д.а. тиһиктээхтик үлэлииллэр. Социальнай суолталаах эбийиэктэр элбииллэр. Култуура, үөрэх кыһаларын, доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэктэрэ тутуллан үлэҕэ киирэннэр үлэлэрин көхтөөхтүк саҕалыыллар. Элбэх киһи босуобуйанан уонна төлөбүрүнэн туһанар кыахтаах. Бу дьиэ кэргэҥҥэ, оҕону улаатыннарарга улахан өйөбүлүнэн буолаллар. Биһиги, Арассыыйа дьоно, үтүөкэннээх дойдуга олоробут«, — диэн бэлиэтээтэ Алексей Егоров.

Саалаҕа мустубут дьон Алексей Алексеевич этиитин дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Алексей Егоров көрсүһүүнү ырыанан түмүктээтэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, кииннэммит быыбардыыр хамыыһыйа бигэргэтиитинэн, Владимир Путин итэҕэллээх дьонугар култуура, ускуустуба, успуорт, урбаан, мэдиссиинэ эйгэтин үлэһиттэрэ киирбиттэрэ. Кинилэр ортолоругар артыыс Сергей Безруков, Владимир Машков, режиссер Никита Михалков, дирижер Юрий Башмет, тириэньэр Ирина Винер уо.д.а бааллар.

Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара бу дьыл кулун тутар 15-17 күннэригэр буолар. Түөрт киһи хандьыдаакка турар. Ол курдук, билиҥҥи бэрэсидьиэн Владимир Путин (бэйэ туруорунуута), Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкай (ЛДПР) уонна Владислав Даванков («Новые люди»).

+1
1
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: