Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Марина Бахилина почта үлэһиттэрин кытта көрүстэ
Бэрэсидьиэҥҥэ хандьыдаат Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Марина Бахилина Арассыыйа почтатын үлэһиттэрин кытта көрүстэ.
Бу көрсүһүүгэ ДНӨ Саха сиринээҕи тирэх пуунун волонтера СӨ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи үлэтин, туох көмө, өйөбүл оҥоһулларын туһунан кэпсээтэ. “Почта России” тэрилтэ үлэтэ бу уустук кэмнэргэ муҥура суох улахан суолталааҕын этэн туран махталын биллэрдэ. “Бэриниилээх үлэҕит иһин барҕа махтал! Сурук туппут буойуттар үөрбүт харахтарын көрбүккүт эбитэ буоллар. Ону кытта баһыылкалары босхо ыытаргыт олус улахан көмө буолар! Суругу, баһыылканы тиксэрии түргэнин иһин туспа махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын”,— диэн эттэ Марина Бахилина.
Почта үлэһиттэрэ кэнники сылларга киирбит саҥа ньымалар үлэ тэтимин, хаачыстыбатын тупсарбыттарын туһунан кэпсээтилэр.
Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара 2024 сыл кулун тутар 15-17 күннэригэр буолуоҕа. Киин быыбардыыр хамыыһыйа түөрт хандьыдааты регистрациялаабыта. Бу — билиҥҥи бэрэсидьиэн Владимир Путин (бэйэ туруорунуута), Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкай (ЛДПР) уонна Владислав Даванков («Новые люди»).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: