Салгыы
Владимир Путин кэлэр сыллааҕы бүддьүөт сокуонугар илии баттаата

Владимир Путин кэлэр сыллааҕы бүддьүөт сокуонугар илии баттаата

06.12.2022, 09:18
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, ахсынньы 5 күнүгэр, Арассыыйа кэлэр сыллаах бүддьүөтүн сокуонугар илии баттаата. Үп сүрүн сокуонун Федерация Сэбиэтэ сэтинньи 30 күнүгэр бигэргэппитэ.

Үп сүрүн сокуонунан, эһиил федерация бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 26,13 трлн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ороскуота 29 трлн солкуобай буолуоҕа. Оттон бүддьүөт дефицитэ 2,9 трлн солкуобайынан быһыллыбыт. Кэлэр үс сыллаах былаанынан, бүддьүөт дефицитэ дойду валовай бородууктатын кытары тэҥнээтэххэ икки бырыһыантан 0,7 % диэри кыччыахтаах. Дефицити судаарыстыбаннай кирэдьиит көмөтүнэн сабарга былаанныыллар.

Эспиэрдэр этэллэринэн, 2023 сылга валовай бородуукта 149,9 трлн солкуобай буолуоҕа, эһиил сыана 5,5 бырыһыантан үрдүө суоҕа. Ол эрээри кэлэр үс сылга дойду судаарыстыбаннай иэһэ улаатар чинчилээх. Холобур, 2023 сылга бу көрдөрүү  — 25,369, 2024 сылга – 27,679, 2025 сылга – 29,94 трлн солкуобайынан былааннанан турар. Бырабыыталыстыба судаарыстыбаннай иэс хонтуруолга тутуллар, куттала суох кэрдиискэ сылдьыаҕа диэн бэлиэтиир.

Санатан эттэххэ, быйыл Арассыыйаҕа өссө түөрт эрэгийиэн холбоһон, дойдубут бүддьүөтэ аны 89 эрэгийиэҥҥэ үллэриллэр. Үп сүрүн сокуонугар эһиилги сыллаах бүддьүөт тыырылларын таһынан, кэлэр икки сыл бүддьүөтэ эмиэ былааннанар. Владимир Путин бүддьүөтү таҥыыга дьон-сэргэ дохуоттаах буолуутугар, социальнай эйгэлэргэ, мобилизациялламмыт саллааттар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү ыытыыга, о.д.а. тирээн турар боппуруостарга сүрүн болҕомтону уурарга эппитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: