Владимир Путин: “Киһи ситиһиилээх буолара оскуолаттан саҕыллар”

Владимир Путин: “Киһи ситиһиилээх буолара оскуолаттан саҕыллар”

02.09.2023, 19:26
РИА-сонуннара
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Билии күнүгэр үөрэнээччилэргэ аһаҕас уруок ыытта. Бу уруокка норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаларга, куонкурустарга кыайбыт, үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилээх отут оҕо кытынна.

Владимир Путин Билии күнүнэн Арассыыйа үөрэнээччилэрин, учууталларын барыларын эҕэрдэлээн туран, үөрэх, билии дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын санатан эттэ.

Үөрэх бастакы олуга дьиэ кэргэнтэн ситимнэнэн тахсар. Дьиэ кэргэн үөрэххэ хайдах сыһыаннаһар да кырачаан киһи ону барытын сүһэн ылар. Ол иһин дьиэ кэргэн сыаннастарын, үйэлээх үгэһин ыччакка тиэрдии суолтата улахан, — диэн кини этэр.

Бэрэсидьиэн киһи оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыаҕыттан ханнык идэҕэ салгыы үөрэнэ барарын, туох исписэлиис буолан тахсарын эрдэттэн быһаарынара наада диэн бэлиэтээтэ.

Хас биирдии киһиэхэ идэтин, дьарыгын талыыта наһаа улахан суолталаах. Өскөтүн киһи бэйэтин эйгэтин таба тайаннаҕына, “Икки хапытаан” айымньыга кэпсэнэрин курдук, туох баар күүһүн арыйан, ситиһиилээх, сайдыылаах киһи буола үүнэр, — диэн этэр кини.

Владимир Владимирович аһаҕас уруок кэмигэр үөрэнээччилэр ыйытыыларыгар хоруйдаата. Холобур, Владимир Владимирович ситиһиилээх киһи туһунан хоруйдууругар: “Киһи төһөнөн бэйэтин араас өттүттэн арыйар да, оччонон кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биэрэрэ элбиир. Туруоруммут сыалын-соругун ситиһэр, онтон бэйэтэ дуоһуйууну ылар. Ситиһиилээх киһи барытыгар ситиһиилээх буолар уонна уон оччонон кини дьон билиниитин ылар. Ситиһии уонна дьон сыанабылын ылыы – бу икки арахсыспат өйдөбүллэр”, — диэн бэлиэтээн этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: