Владимир Путин: “Кириисис аан дойдуга барытыгар тарҕанна”

Share

“Аан дойду үрдүнэн буола турар уларыйыылар биир ситимнээх кириисискэ кубулуйдулар, ол бэлиитикэ, байыаннай эрэ өттүгэр буолбакка, экэниэмикэҕэ, гуманитарнай эйгэҕэ барытыгар өтөн киирдэ”, — диэн иһитиннэрэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтии былаһааккатыгар.

Хомойуох иһин, билигин балаһыанньа уустук, аан дойдуга буола турар уларыйыылар бэлиитикэҕэ эрэ буолбакка, экэниэмикэҕэ, гуманитарнай эйгэҕэ барытыгар охсон эрэллэр. Ити барыта биир ситимнээхтэр, кириисис аан дойду таһымын ылла. Бу билигин кистэл буолбатах, — диэн этэр кини.

Владимир Путин арҕааҥҥы дойдулар ыытар бэлиитикэлэрин туһунан: “Арҕааҥҥы дойдуларбыт дэнээччилэр бу кэлиҥҥи ыйдарга ордук сытыырхайдылар. Украинаҕа сэриини күөртүүллэрин, Тайваҥҥа араастаан киксэрэн биэрэ сатыылларын ааһан, бүтүн Европатааҕы гаас ситимин тоҕо тэптэрдилэр. Бу, мин санаабар, саамай кэнэн уонна ньэгэй быһыы. Кинилэр сыаллара биир – аан дойдуну баһылаан-көһүлээн олоруу, кинилэргэ табыгастаах быраабылалары барыларыгар соҥнооһун. Ол эрээри ити оонньуулара олус кирдээх, кутталлаах уонна, өссө биирдэ этэбин, ньэгэй”, — диэн этэр кини.

Бэрэсидьиэн кэпсэтии кэмигэр киһи аймахха билигин икки суол баарын ыйда.

Билигин киһи аймахха бүттүүммүтүгэр икки суол турар: салгыы бу курдук кыһалҕабытын таһаҕас оҥостон, хаһан онтубут сүнньүбүтүн баттыар диэри барытын соһон илдьэ барабыт эбэтэр туох баар кыһалҕабытын дьиҥ-чахчы быһаарар саҥа суолу тобулабыт. Ол суолбут баҕар уһулуччу да буолбатын, саамай сүрүнэ аан дойдуга куттал суох буолуутун хааччыйыахтаах, — диэн бэлиэтиир.

Салгыы кини аныгы үйэҕэ билигин хайдах да гыммыт иһин дойдулар бэйэлэригэр бүгэн олороллоро сатамматын этэр.

Туох да диэбит иһин билигин дойдулар саһан, бүгэн олорор кэмнэрэ буолбатах. Этэргэ диэри, “тыалы хамсатыаҥ – буурҕаны түһэриэҥ”. Бу кириисис аан дойду үрдүнэн барыбытыгар сыһыаннаах. Билигин эбэтэр хойут бары биир остуол тула олорон кэнэҕэски олохпут туһунан кэпсэтэр кэммит кэлиэҕэ, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.

Recent Posts

  • Сонуннар

Быйыл 5 муоста тутуллан киириэҕэ

2025 сылга Саха сиригэр биэс муоста  тутуллан бүтэрэ былааннанар. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын…

1 секунда ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэ куорат баһылыга үлэтиттэн уурайда

Өлүөхүмэ куорат баһылыга  Сергей Щебляков  бэйэтэ баҕа өттүнэн астаапкаҕа барда. Бу туһунан "Өлүөхүмэ" оройуоннааҕы хаһыат …

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Юрист сүбэтэ: Хамнаһа суох уоппускаҕа хайдах барылларый?

Ыйытыы: РФ Үлэ кодексын 128 ыстатыйатынан көрүллүбүт, хамнаһа суох уоппуска хайдах бэриллэрий? Үлэни биэрээччи үлэһит…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көмүс дуйдаах күһүҥҥэ көҕөрдүү үлэтин үгэнэ

Өр сылларга эргэ хаарбах дьиэҕэ олорбут Өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) интэринээт-оскуола үс сыллааҕыта үс этээстээх таас саҥа…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх генетическэй ыарыылары буллулар

Саха сиригэр 2025 сыл 8 ыйын устата кэҥэтиллибит неонатальнай чинчийии көмөтүнэн, түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сымыйа харчынан бырайыаһын төлөөбүт итиэннэ дьон малын уорбут киһи сууттанна

СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, былырыын бэс ыйыгар  33 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тиэргэҥҥэ турар  «КАМАЗ-5410» массыынаттан…

2 часа ago