Владимир Путин Крым муостатын туһунан мунньах ыытта
Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Крым муостатыгар дэлби тэптэриинэн сибээстээн бэҕэһээ мунньах ыытта. Бу быһылааны кини террористическэй саба түһүү диэн бэлиэтээтэ уонна Арассыыйа манна хоруйдуоҕун туһунан иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, от ыйын 17 күнэ үүнэр түүнүгэр үс чааска Крым муостатыгар дэлби тэптэрии оҥоһуллан, айан-сырыы тохтотуллубута. Дэлби тэптэрии түмүгэр Белгород уобалаһыттан Крымҥа айаннаан иһэр дьиэ кэргэн эмсэҕэлээбитэ. Хомойуох иһин, ыал ийэлээх аҕата быыһамматахтар, уон түөрт саастаах кыыстара эчэйэн балыыһаҕа сытар.
— Крым муостатыгар эмиэ террористическэй саба түһүү оҥоһулунна. Бу түмүгэр икки киһи суорума суолланна, уон аҕыс сааһын туола илик кыыс оҕо тулаайах хаалла. Муоста хас да сиринэн алдьанна. Билигин Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатыгар, Силиэстийэлиир кэмитиэккэ, туһааннаах биэдэмистибэлэргэ биричиинэтин быһаарыыга сорудах бэриллэн турар. Сотору кэминэн барыта биллиэҕэ, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Бу иннинэ Терроризмы утары охсуһар национальнай кэмитиэт дэлби тэптэрии Украина уу үрдүнэн көтөр аппараттарынан оҥоһуллубутун туһунан иһитиннэрэн турар. Владимир Путин мунньахха бу эбийиэккэ куттал суох буолуутун хааччыйыыны күүһүрдүөххэ наадатын эттэ.
— Крым муостатыгар Украина өттүттэн бу иккис террористическэй саба түһүү оҥоһулунна. Онон бу стратегическэй суолталаах эбийиэккэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга этиилэри күүтэбин. Байыаннай өттүнэн бу муоста, дьиҥэр, туох да суолтата суох. Байыаннай чаастар бу муостаны туһамматтар. Арассыыйа бу быһылааны таах хаалларбат, Оборуона министиэристибэтэ бэйэтин хоруйун иһитиннэриэҕэ, — диэн эттэ бэрэсидьиэн.
Владимир Путин мунньах түмүгэр билигин балыыһаҕа сытар кыыска бары өттүнэн көмөнү оҥорорго, бу боппуруоһу эрэгийиэн хонтуруолга ыларыгар сорудахтаата. Ону таһынан Крым муостатыгар хаайтарбыт айанньыттарга туһааннаах көмөнү оҥорорго эттэ. Санатан эттэххэ, дэлби тэптэриигэ тимир суол эмсэҕэлээбэтэх. Онон билигин дьону таһыы тимир суолунан бара турар. Ону таһынан Керчь куораттан паром сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: