Владимир Путин Крым уонна Украина туһунан

Share

“Империя састаабыгар Украина диэн төрүкү суоҕа. Уобаластар эрэ бааллара. Өскөтүн нуучча култууратын, тылын-өһүн, литературатын бырааттыы дойдубут тэпсибэтэҕэ буоллар, Крымҥа буолбут түгэн тахсыа суоҕа этэ”, — диэн эттэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уопсастыбаннай палаата чилиэннэрин кытары көрсүһүүтүгэр.

Владимир Путин көрсүһүүгэ Украина уонна Крым туһунан этэригэр тыл-тылга киирсибэт буолуу сүрүн төрүөтэ Украинаны Арассыыйаҕа утары туруоран, НАТО-ҕа чугаһата сатаабыттарыттан тахсыбытын бэлиэтиир.

Империя састаабыгар Украина диэн төрүкү суоҕа, уобаластар эрэ бааллара. Киев, Киев уобалаһа, Житомир уонна Чернигов диэн. Кэлин Сэбиэскэй Сойуус саҕана Украина тэриллибитэ. Онно үксүн Хара муора кытылын сирдэрэ киирбиттэрэ. Арассыыйа Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ Украина туспа судаарыстыба буоларын утарбатаҕа, ылыммыта. Ол эрээри онно кэлин нуучча култууратын эһии, НАТО диэки дойдуну тардыы, арҕааҥҥы дойдулар ытыс таһыныыларынан Донбааска дьону өлөрүү саҕаламмытын биһиги таах көрөн олорорбут сатаммат этэ. Биһиги бу боппуруоһу эйэ-дэмнээхтик быһаарса, кэпсэтэ сатаабыппыт. Минскэйдээҕи дуогабар түһэрсибиппит. Ол эрээри кинилэр ону толорор санаалара да суох эбит, хара маҥнайгыттан. Өссө кэлин ити дуогабары толорбоппут диэн аккаастаммыттара. Тыл-тылга киирсибэт буолуубут төрүөтэ итиннэ сытар, — диэн этэр кини.

2014 сыллаахха Крымҥа тахсыбыт историческай түгэн туһунан: “Бырааттыы дойдубутун Украинаны кытары үтүө сыһыаннаахпыт, онно кими да атаҕастаабатахтара, нуучча култууратын эһэ сатаабатахтара буоллар, Крымҥа туох даҕаны буолуо суоҕа этэ. Ол эрээри биһиэхэ атын ханнык да быыбары хаалларбатахтара, Крымҥа дьоммутун көмүскүүр эрэ суолу хаалларбыттара. Салгыы Донбааска, Новороссияҕа эмиэ маннык дьаһаллар ыытыллыбыттара”, — диэн бэлиэтээн эттэ.

Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит эрэгийиэннэр тустарынан этэригэр бэрэсидьиэн: “Биһиги бу эрэгийиэннэр атахтарыгар туралларыгар бары күүспүтүн ууруохпут. Экэниэмикэбит онно эппиэттиир кыахтаах. Санатан этэбин, биһиги социальнай да, бырамыысыланнай да, ханнык да эйгэҕэ ылыммыт былааммытыттан аккаастаммаппыт. Инфраструктурабытын туппуппут курдук тутуохпут”, — диэн иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago