Владимир Путин: “Култуура, наука хайа да кэмҥэ үрдүктүк тутуллара”

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтии кулуубугар урукку кэмҥэ култуура, искусства, наука, спорт хайа да судаарыстыба салалтатыгар үрдүктүк тутуллубутун, бу эйгэлэр нөҥүө дойдулар или-эйэни олохтуулларыгар биир суол буоларын бэлиэтээн эттэ.

Владимир Путин арҕааҥҥы дойдулар айар-тутар дьоҕурдарын сүтэрэн эрэллэрин, атын култуураны билиммэт буола сатыылларын бэлиэтиир.

Арҕааҥҥы дойдулар айар-тутар дьоҕурдарын сүтэрэн эрэллэрэ дьэҥкэтик көстөр, ол иһин атын цивилизацияны, култуураны билиммэт буола сатыыллар. Иккис өттүнэн, кинилэр сыаннастарын, олохсуйбут үгэстэрин барыларыгар соҥноон, бэйэлэрин ырыынактарын кэҥэтэ, бородууксуйаларын батарар сири көрдүүллэрэ өтө көстөр. Ол эрээри Арассыыйа арҕааҥҥы дойдулары бэйэтин өстөөҕүн курдук хаһан да көрбөтөҕө, көрүө да суоҕа. Билигин арҕааҥҥы дойдулар кыччаабыта икки аҥы хайдан олороллор. Төрүт үгэһи, култуураны, норуот көҥүлүн өрө тутар арҕааҥҥы дойду, иккиһинэн, адьырҕа, космополитическэй, неоколониальнай. Биллэн турар, биһиги арҕааҥҥы дойду иккис өрүтүн ылыммаппыт, хаһан да ылыныахпыт суоҕа, — диэн этэр кини.

Владимир Путин бэлиэтииринэн, оннооҕор “тымныы сэрии” кэмэ муҥутаан турар кэмигэр ким да атын норуот култууратын, искусствотын, наукатын саба баттыыр, утарар санаата да суоҕа.

— Оннооҕор “тымныы сэрии” саамай муҥутаан турар кэмигэр, биһиги систиэмэлэрбит хайа да өттүнэн утарыта харсыһан турар кэмнэригэр, атын норуот култууратын, искусствотын, наукатын туора садьыйан кэбиһии суоҕа. Бу эйгэлэргэ араас хааччах киирэ сылдьыбыта да, Сэбиэскэй да, Америка да оччотооҕу былаастара гуманитарнай эйгэҕэ болҕомтолоохтук, сэрэхтээхтик сыһыаннаһары өйдүүллэрэ. Ол кэнэҕэскитин дойдулар илии тутуһалларыгар далаһа буоларын өйдүүллэрэ. Оттон билигин? Кинигэлэри уот аһылыга оҥороллор, Достоевскайы, Чайковскайы ааҕары боболлор. Ол эрээри арҕааҥҥы дойдулар биири өйдөөбөттөр: култуураны утары барыы бэйэлээх бэйэ көҥүлүн, айар-тутар дьоҕурун быһыыга тэҥнээх, ол туох баар эйгэҕэ барытыгар охсор, экэниэмикэҕэ, бэлиитикэҕэ барытыгар, — диэн иһитиннэрэр.

Бэрэсидьиэн дакылаатыгар барытын Кириэмилгэ эрэ суҥхара олорбокко, арҕааҥҥы дойдулар бэйэлэрэ эппиэтинэс ылыахтарын наадатын этэр.

Арассыыйа буолла да барыта “ити Кириэмил дьаһайыыта”, “Кириэмил илиитэ” дииллэр. Ол эрээри бэйэлэрин санааларын, быһаарыыларын кыайан киһилии эппэттэр, наар аанньа буолан, кинилэргэ барытыгар Кириэмил буруйдаах буолан иһэр. Ол эрээри история, кэм-кэрдии барытын орун-оннугар туруортуоҕа, — диэн иһитиннэр.

Дакылаатыгар Владимир Путин Арассыыйа култууратын холобурдаата:

Арассыыйа тыһыынчанан сыллар тухары араас итэҕэли, култуураны тэҥҥэ тутан кэллэ. Христианство да, ислам да, буддизм да, иудаизм да сыаннастарын барытын. Хас биирдиибит бэйэ-бэйэбитигэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһабыт, сыһыаннаһыахтаахпыт даҕаны. Ити үтүө үгэспит биһигини барыбытын биир ситимниир, — диэн бэлиэтиир кини.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана өҥөтө ыҥырыкка төһө буоларый?

Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…

2 часа ago