Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кыайыы параадын кэмигэр Арассыыйа аан дойду сэриитин таһаарбат туһугар үлэни ыытарын, ол эрээри дойду күөнүн кыраҕытык кэтии олорорун туһунан иһитиннэрдэ.
Владимир Путин Кыайыы күнүнэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, бэтэрээннэри эҕэрдэлээн туран, Арассыыйа бүгүн Кыайыы күнүн байыаннай дьайыы кэмигэр бэлиэтиирин, дойдубут историятыгар биир уустук кэм ааһан эрэрин бэлиэтээн эттэ.
— Бүгүн биһиги Кыайыы күнүн байыаннай дьайыы кэмигэр бэлиэтии олоробут. Байыаннай дьайыы хас биирдии кыттыылааҕа – бу биһиги бүгүҥҥү дьоруойдарбыт. Дойдубут историятыгар билигин биир эмиэ уустук кэм. Билигин дойдубут дьылҕата хас биирдиибититтэн тутулуктаах, — диэн иһитиннэрдэ.
Итини этэн туран, Владимир Владимирович Арассыыйа аан дойду утарыта турсан уоту таһаарарын бопсорун эттэ.
— Билигин аан дойду иккис сэриитин историятын араастаан токурута тутан кэпсии сатыыллар, пааматынньыктары, мемориаллары өрө сүргэйэллэр. Арҕааҥҥы дойдулар норуоттар икки ардыларыгар араастаан уоту саҕа, аан дойду сэриитэ таһаарбыт алдьархайын умна сатыыллар. Ол эрээри Арассыыйа өйдүүр, Москва, Ленинград, Ржев, Сталинград, Курскай, Харьков, Минскэй, Смоленскай, Киев куораттар анныларынан, Мурманскайтан Кавказка диэри, Крымҥа бүтүн киһи аймах туһугар хайдахтаах курдук киирсиилэр барбыттарын. Аҕа дойду сэриитин бастакы сылларыгар Сэбиэскэй Сойуус фашизмы утары суос-соҕотоҕун киирсибитэ. Ол эрээри манна биһиги умнубаппыт, иккис фроҥҥа көҥүл иһин кыргыспыт норуоттары, биир сойуустаахтарбытын, милитаристыы санаалаах Япония утары Кытай норуота хорсуннук киирсибитин. Билигин Арассыыйа аан дойдуга бүттүүн атааннаһыыны таһаарбат туһугар үлэлэһэр, ол эрээри бэйэбитигэр сааналларын таһаарымыах тустаахпыт. Биһиги стратегическэй күүстэрбит өрүү бэлэм тураллар, — диэн иһитиннэрдэ.
Кыайыы параадыгар Белоруссия, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Туркменистан, Узбекистан, Куба, Гвинея, Лаос Народнай-демократическай өрөспүүбүлүкэ салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…