Владимир Путин муниципальнай тэриллии салайааччыларыгар болҕомтотун уурар
“Муниципальнай тэриллии салайааччыта буолар губернатордаабыттааҕар уустук”, — диэн иһитиннэрдэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Судаарыстыбаны салайыы институтун выпускниктарын кытары көрсүһүүтүн кэмигэр.
— Куорат баһылыга буолар губернатордаабыттааҕар ыарахан. Оннооҕор өссө ыарахан – муниципальнай тэриллии, оройуон, нэһилиэк баһылыга буолар. Тоҕо диэтэххэ, муниципальнай тэриллии салайааччыта дьоҥҥо чугас, онон кыһалҕа да сытыытык турар. Мин маны туох да күүркэтиитэ суох этэбин, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.
Санатан эттэххэ, бэрэсидьиэн этиитинэн быйыл тохсунньуга аан бастакытын бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай форум буолан ааспыта. Манна 89 эрэгийиэнтэн барыта сэттэ тыһыынчаттан тахса баһылык кыттыбыта. Ону сэргэ былырыыҥҥыттан “баһылыктар оскуолалара” диэн тэриллэн ыытыллар. Манна муниципальнай тэриллии баһылыктара анал үөрэҕи бараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: