Владимир Путин: “Наукабыт технология өттүнэн сайдар кыахтаах”
Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, эдэр учуонайдар иккис конгресстарыгар иһитиннэрдэ.
Владимир Владимирович бэлиэтииринэн, Арассыыйа ааспыт үйэ 90-с сылларыгар үгүһү сүтэрбитэ эрээри, төрүт наукатын илдьэ хаалан, билигин онно тирэҕирэн сайдар кыахтаах.
— Арассыыйа төрүт науката, үөрэҕэ, туох да диэбит иһин, олус күүстээх. Кырдьык, 1990-с сыллар кэннилэриттэн биһиги элбэҕи сүтэрбиппит. Ол иһигэр наукаҕа да, үөрэххэ да кыһалҕалар бааллара. Ол да үрдүнэн биһиги наукабыт чиҥ олуктаах буолан, онтон саҥа үнүгэстэр үүнэннэр, билигин технология өттүнэн хайа баҕарар үүнэр-сайдар кыахтаахпыт, — диэн этэр кини.
Бэрэсидьиэн көрсүһүү кэмигэр Арассыыйа наукаҕа туһаныллар араас прибору, матырыйаалы бэйэтэ бэлэмниэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Көрсүһүү кэмигэр инженернэй киин тутуутун өйөөтө.
— Хомойуох иһин, билигин наукабытыгар туһаныллар үгүс приборбутун тас дойдуттан ыла олоробут. Сорох эйгэлэргэ ити бырыһыана 90-ҥа кытары тиийэр. Онон прибордарбытын бэйэбит оҥорорбут, онон туһанарбыт уолдьаста. Итини билиҥҥи кэм да, балаһыанньа да ирдиир, — диэн этэр Владимир Путин.
Бэрэсидьиэн этэринэн, тэрилтэлэр Арассыыйа прибордарынан туһаналларын көҕүлүүр сыалтан, былырыыҥҥыттан саҕалаан анал грант көрүллүбүт. Грант усулуобуйатыгар этиллэринэн, өскөтүн тэрилтэ туһанар прибордарын уон бырыһыанын Арассыыйа иһиттэн атыылаһар буоллаҕына, судаарыстыбаттан көмө ылар кыахтаах. Быйыл өссө биэс бырыһыанынан улаатыннаран, прибордары ылыы бырыһыанын 15 % оҥорбуттар. Салгыы маны өссө үрдэтэн иһэр былааннаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: