Владимир Путин: “Нэһилиэк оҥорон таһаарыытын киэҥ эйгэҕэ таһаарыахха”

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Саҥа кэмҥэ күүстээх санаалар” диэн стратегическэй көҕүлээһин агентствота ыытар форумугар билигин төһө кыалларынан бэйэ оҥорон таһаарыытынан дьарыктаныахха наадатын эттэ. Онуоха хас биирдии эрэгийиэҥҥэ бу оҥорон таһаарыылары киэҥ эйгэҕэ билиһиннэриигэ туспа бырагыраама баар буолуохтааҕын ирдээтэ.

Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, билигин Арассыыйа бэйэтин оҥорон таһаарыытынан хайа баҕарар инники күөҥҥэ тахсар кыахтаах.

Биһиги оҥорон таһаарааччыларбыт өссө үчүгэйдик үлэлиир кыахтаахтарын дакаастаатылар. Билигин кинилэргэ көмө-тирэх буолан, бэйэбит мааркаларбытын аан дойдуга таһаарарга сыал-сорук туруорунуохтаахпыт, — диэн бэлиэтиир кини.

Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, арҕааҥҥы дойдулар араас хааччаҕы киллэрбиттэрин түмүгэр Арассыыйа предпринимателлэрэ ырыынагы бэйэлэрэ бас биллилэр. “Арассыыйа предпринимателлэрэ ырыынакка тахсыбыт аһаҕас миэстэлэри толортоон эрэллэр. Билигин аны экспортка үлэлэһии баран эрэр”, — диэн этэр кини.

Манна даҕатан бэрэсидьиэн Арассыыйа табаарын тас дойдуларга таһаарыы бары таһымҥа барытыгар барыахтааҕын эттэ.

Биһиги бэйэбит оҥорон таһаарыыбытын тас дойдуларга таһаарыыга биир кэлим бэлиитикэни ыытыахха наада дии саныыбын. Ол иһигэр информацияны киэҥник тарҕатар средстволар нөҥүө. Бастатан туран, судаарыстыбаннай медиаҕа, ону таһынан социальнай ситимнэргэ, – диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.

Эрэгийиэннэр тустарынан этэригэр Владимир Путин хас биирдии эрэгийиэҥҥэ бэйэтигэр туспа бырагыраама баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Олохтоох оҥорон таһаарыыны киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга хас биирдии эрэгийиэн бэйэтэ туспа бырагыраамалаах буолара ирдэниллэр. Бу оонньуу буолбатах. Хас биирдии куоракка, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бэйэ оҥорон таһаарыыта баар. Ону киэҥ эйгэҕэ, дьон билиитигэр таһаарыахха. Туох барыта кыраттан саҕаланарын умнумуохха, — диэн этэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

4 часа ago