Владимир Путин норуокка туһаайан этии оҥордо (ВИДЕО)
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кулун тутар 24 күнүн Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Кутурҕан күнүнэн биллэрдэ.
Владимир Путин «Крокус Сити Холл» кэнсиэр саалатыгар хаан тохтуулаах иэдээн буолла диэн эттэ. Кини быраастар эмсэҕэлээбиттэргэ туох баар бары кыаллары оҥоруохтара диэн эрэннэрдэ. Теракка эмсэҕэлээбиттэргэ көмө иһин мэдиссиинэ үлэһиттэригэр уонна биирдиилээн дьоҥҥо махтанна, ону кытта теракка чугас дьоннорун сүтэрбиттэргэ барыларыгар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.
«Чугас дьоннорун, аймахтарын сүтэрбит дьоҥҥо-сэргэҕэ кутурҕаммын тиэрдэбин. Эһигини кытта Бүтүн дойду курутуйар. Кулун тутар 24 күнүн норуот бүттүүнүн Кутурҕан күнүнэн биллэрэбин», — диэтэ Владимир Путин.
Силиэстийэлиир үлэ быһа барыллаан түмүгүн туһунан маннык эттэ: «Дьону ыппыт, өлөрбүт, терагы толорууга кыттыбыт түөрт киһи тутулунна. Кинилэр саһа сатаабыттар, Украина диэки айаннаан испиттэр. Быһа барыллаан дааннайынан, кинилэр Украина диэки куоталларыгар «түннүк» бэлэмнэниллибит. Барыта 11 киһи тутулунна. РФ Куттал суох буолууга сулууспата, атын тустаах уорганнар террористар баазаларын аһыыга, кинилэри тырааныспарынан, сэрии сэбинэн кимнээх хааччыйбыттарыгар тиийэ барытын быһаарыыга күүскэ ылсан үлэлии сылдьаллар».
Владимир Путин бу иэдээни сакаастаабыттар, тэрийээччилэр уонна терагы толорооччулар бары сөптөөх буруйга-сэмэҕэ тардыллыахтара диэн эттэ.
«Билигин биһиги сүрүн ытык иэспитинэн бары бииргэ түмсүүлээх буолуох тустаахпыт. Мин онно эрэнэбин, биһиги түмсүүлээхпитин, дьулуурбутун, эр санаабытын ким даҕаны ыһыа, кэбирэтиэ суоҕа. Ааспыт да өттүгэр Арассыыйа араас ыарахаттары туораабыта, онтон кини өссө күүһүрэр, кыаҕырар. Билигин да оннук буолуо!», — диэн Владимир Путин эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: