Билигин Арассыыйа үрдүнэн ойуур баһаарын уонна халаан уутун кыһалҕата турар. Свердлов, Курган, Тюмень уобаластарыгар ойуур баһаардара туран, дьон өлүүтэ таҕыста. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньах ыытта.
Гражданскай оборуона, ыксаллаах быһыы-майгы миниистирэ Александр Куренков иһитиннэрбитинэн, билигин ордук Урал федеральнай уокуругар ойуур баһаара күүскэ бара турар. Ол иһигэр Свердлов, Курган, Тюмень уобаластарыгар 25 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээбит. Хомойуох иһин, Курган, Свердлов уобаластарыгар баһаарга дьон өлүүтэ тахсыбыт.
Курган уобалаһын губернатора Вадим Шумков этэринэн, ойуур баһаарыгар 612 олорор дьиэ эмсэҕэлээбит. Баһаарга 19 киһи эчэйбит, 21 киһи өлбүт. Икки тыһыынчаттан тахса киһи эвакуацияламмыт. Губернатор бэлиэтииринэн, эрэгийиэҥҥэ кэлиҥҥи сэттэ сылга олус кураан уонна куйаас дьыл буолбут. Онон сибээстээн эрэгийиэҥҥэ сүүс киһилээх “Авиалесоохрана” филиалын тэрийэргэ, атын эрэгийиэнтэн тиэхиньикэни, исписэлиистэри көмөҕө аҕаларга, баһаарынай чаастар тиэхиньикэлэрин саҥардарга этэр.
Владимир Путин ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга уонна ол содулун туоратыыга туһааннаах ыйыылары оҥорон киллэрэргэ этии киллэрдэ. Чуолаан, нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас баар ойууру кэрдиигэ. “Манна мин өйдүүбүн, биир өттүнэн ойуурбутун харыстыы сатыыбыт, иккис өттүнэн биһиги нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыахтаахпыт. Онон баар балаһыанньаттан көрөн туһааннаах этиини ылыныахпытын наада”, — диэн иһитиннэрэр кини.
Маны таһынан мунньахха Хотугу муустаах муоранан сырыыны сайыннарыы боппуруоһун көрдүлэр.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…