Владимир Путин: “Оҥорон таһаарыы бырамыысыланнаһын – саҥа үрдэллэргэ ”
Бу нэдиэлэ аан дойду бэлиитикэтин хонуутугар эмиэ олус интэриэһинэйдик саҕаланна. Финляндия НАТО састаабыгар букатыннаахтык киирдэ. Казахстаҥҥа уматык сыаната үрдээтэ. АХШ урукку бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп тутулунна. Кытай кыраныыссатын арыйда. Бу күөнүгэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бэҕэһээ Тулатааҕы тимир суол собуотугар сылдьыбыта ураты суолталанна.
Санатан этиим, ааспыт нэдиэлэҕэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаны кытары улахан мунньах ыыппыта. Онно кини оҥорон таһаарыы бырамыысыланнаһа, ордук тиэхиньикэни, массыынаны оҥоруу, былырыыҥҥытааҕар көрдөрүүтэ түспүтүн бэлиэтээн эппитэ. Уонна бырабыыталыстыбаҕа бу эйгэлэргэ ураты болҕомтону уурарга сорудахтаабыта. Онон бу нэдиэлэҕэ Владимир Владимирович дойдубут тимир суол тиэхиньикэтин оҥоруутугар биир тутаах тэрилтэтигэр сылдьан үлэни-хамнаһы кытары билистэ.
Тимир суол тутаах тэрилтэтэ
Тимир суолун тиэхиньикэтинэн дьарыктанар Тулатааҕы “Тулажелдормаш” – Арассыыйа экэниэмикэтин биир тутаах хампаанньата. Бу хампаанньа дойдубут тимир суолун барытын хааччыйан олорор. Собуот устуоруйата да бэрт киэҥ: өссө XIX үйэҕэ 1869 сылтан Москватааҕы-Курскайдааҕы тимир суолугар мастарыскыай быһыытынан үлэтин саҕалаабыт. XX үйэҕэ хайысхата кэҥээн, тимир суолун тиэхиньикэтин дьарыктанар буолбут. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Тулаҕа оборуонаҕа туттуллар сэби-сэбиргэли оҥороллор этэ. Оттон сэрии кэнниттэн 1957 сыллаахха Тулатааҕы тимир суол массыынатын собуота диэн ааттаммыта.
Билигин бу собуот оҥорон таһаарбыт икки аҥаар тыһыынчаттан тахса тиэхиньикэтэ Арассыыйа, ону ааһан тас дойдулар тимир суолларын хааччыйан олорор.
Владимир Путин собуот үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Исписэлиистэр үлэлэригэр сыһыаран үгүс боппуруоһу ыйыттылар. Олортон холобурга тас дойдулартан киирэр саппаас чаастары бэйэ оҥоһугар уларытыы туһунан бэрэсидьиэн хоруйун аҕалабын.
“Сыалбыт-сорукпут улахан”
– 2014 сыллаахха арҕааҥҥы дойдулар биһиэхэ хааччаҕы киллэрэллэригэр, экэниэмикэлэрэ таҥнары түһүөҕэ, тыаларын хаһаайыстыбалара сайдыа суоҕа, аһыыр-таҥнар кыһалҕаҕа түһүөхтэрэ диэбиттэрэ. Онтулара туолбата. Өссө санатан этиим, билигин төттөрүтүн тас дойдуттан биһиги ыларбыт аҕыйаата, ол оннугар бэйэбит оҥорон таһаарыыбыт үрдээтэ, өссө таска таһааран атыылыыбыт. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таһынан бу эйгэҕэ сыһыаннаах хайысхаларбыт эмиэ көрдөрүүлэрэ үрдээтэ. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтэ, минеральнай уоҕурдуу, манна аналлаах бырагыраамалар, о.д.а. өрө таҕыстылар. Аны билигин биһиги бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга бу үрдүкү технологиябытын киллэриэхпитин наада. Кырдьык, сыалбыт-сорукпут улахан, ол эрээри, мин санаабар, ити кыаллар дьыала. Манна даҕатан эттэхпинэ, сүүс бырыһыан барытын, дойду экэниэмикэтин сүрүн боппуруостарыттан ураты, бэйэбит оҥорон таһаарыахтаахпыт диэн буолбатах. Бу эйгэлэргэ биһигини кытары үлэлэһэр уонна үлэлэһиэн баҕалаах тас дойдулары сыһыарар сөп, – диэн хоруйдуур Владимир Владимирович.
Онон билигин Арассыыйа муоһатын илин диэки хайыһыннаран Азия, Тиихэй акыйаан кытылын, Африка, Индия дойдуларын кытары үлэлэһэн эрэр. Ону сэргэ оҥорон таһаарыы бырамыысыланнаһыгар инвестицияны угууга ураты болҕомтотун уурда. Бу туһунан кини собуот үлэһиттэрин кытары көрсүүтүн кэнниттэн бырамыысыланнас судаарыстыбаннай сэбиэтин мунньаҕар эттэ.
Инвестицияҕа – ураты болҕомтону
Владимир Путин мунньахха бэлиэтээбитинэн, оҥорон таһаарыы бырамыысыланнаһа 1,3 бырыһыан түспүт, ол эрээри быйыл итини ситиһэр кыах баар.
– Ааспыт сылга бу эйгэҕэ көрдөрүү 1,3 бырыһыан түспүтэ бэлиэтэммитэ. Быйыл тохсунньу, олунньу ыйдар түмүктэринэн, былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, 1,7 бырыһыан түспүт. Ол эрээри быйыл тыа хаһаайыстыбатын, ньиэп, гаас, о.д.а. оҥорон таһаарыыларыгар көрдөрүү үчүгэй буолуоҕа диэн сабаҕалыыбыт, – диэн этэр кини.
Бэрэсидьиэн билигин бырамыысыланнаска үрдүкү технологиялары киллэриигэ тус сыаллаах ипотека, кластердар, кирэдьииттэр, пуондалар, о.д.а. бырайыактар киирбиттэрин эттэ. Кини бэлиэтииринэн, быйыл бу хайысхаҕа 2 трлн солкуобайтан итэҕэһэ суох инвестиция киириэхтээх. 2030 сылга бу суума 10 трлн солкуобайга диэри улаатыахтаах.
– Арҕааҥҥы дойдулар киллэрбит хааччахтара быйылгынан, эһиилгинэн түмүктэниэ суоҕа. Онон биһиги бырамыысыланнаспытыгар тирээн турар кыһалҕаны эрэ буолбакка, инникитин өссө туох ыарахаттары көрсүөхпүтүн сөбүн барытын эрдэттэн ааҕыныахпытын-суоттаныахпытын наада. Оҥорон таһаарар бырамыысыланнаспытын сайыннарарбытыгар өссө тугу киллэриэхпитин сөбүй? Эрэгийиэннэр манна эмиэ ураты болҕомтолорун ууруохтарын наада, – диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн инженернэй оҥорон таһаарыыга, бырагыраамаларга ураты болҕомто наадатын эттэ.
– Манна биһиги аан дойду уопутун туһанарбыт сөп. Онтон сүөгэйин-сүмэтин ылан, бэйэбит технологиябытын оҥорон таһаарыахха. Холобур, “Тулажелдормаш” тас дойдулар уопуттарыгар олоҕуран, биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр гына бэйэтин технологиятын тупсаран биэрдэ. Үрдүкү технологияны киллэриигэ, бырамыысыланнай эбийиэктэри сайыннарыыга биир кэлим систиэмэ олохтоон олоробут. Манна анал чэпчэтиилэри, субсидиялары, о.д.а. көмөлөрү киллэрбиппит, – диэн этэр.
Исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ сыһыаран бэрэсидьиэн: “Билигин бырамыысыланнас үрдүк квалификациялаах каадырдарга наадыйар. Мин санаабар, билигин биэдэмистибэлэр, хампаанньалар манна эппиэтинэһи ылар кэмнэрэ кэллэ”, – диэн этэр.
Манна сыһыаран этиим, Владимир Путин быйылгы Этиитигэр тимир суолу салгыы сайыннарыы барыахтааҕын, Арассыыйа бэйэтин тиэхиньикэтинэн, массыынатынан хааччыллыахтааҕын, тас дойдулартан бу боппуруоска тутулуга суох буолуохтааҕын, үөрэх систиэмэтигэр уларыйыы киирэрэ уолдьаспытын бэлиэтээн эппитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: