Салгыы
Владимир Путин: «Байыаннай дьайыылар хаһан бүтэллэрин эрдэттэн таайар уустук»

Владимир Путин: «Байыаннай дьайыылар хаһан бүтэллэрин эрдэттэн таайар уустук»

19.12.2024, 19:31
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр РФ байыастара дьоруойдуу охсуһалларын бэлиэтээн эттэ уонна кинилэргэ ситиһиини, кыайыыны уонна дьиэлэригэр этэҥҥэ төннөллөрүгэр баҕарда.

Байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар бойобуой харсыылар линияларыгар  балаһыанньа тосту уларыйар, фронт бары линиятыгар хамсааһын барар.

«100-300 миэтэрэҕэ сыҕарыйыы барар диэн эппэппин. Биһиги байыастарбыт сири-уоту квадратнай килэмиэтирдэринэн босхолууллар», —диэтэ дойду баһылыга.

В.В.Путин охсуһуу хонуутугар балаһыанньаны «байыаннай дьайыылар классикаларын» быһыытынан сыаналаата.

«Байыаннай дьайыылар хаһан бүтэллэрин эрдэттэн таайар уустук… Биһиги бастакы уочараттаах соруктарбытын быһаарар туһугар хамсаныы барар», -– диэн РФ байыастара дьоруойдуу сэриилэлэһэллэрин бэлиэтээн эттэ.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар Анал этиитигэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар уонна муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыгар байыаннай сулууспалаахтар социальнай адаптацияны бары хайысханан этэҥҥэ ааһалларыгар үлэни күүһүрдэргэ эттэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: