Владимир Путин сааскы ыҥырыыга Ыйаахха илии баттаата

Share

Бүгүн, кулун тутар 31 күнүгэр, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аармыйаҕа сааскы ыҥырыы саҕаланарын туһунан Ыйаахха илии баттаата.

Буоларын курдук, сааскы ыҥырыы муус  устар  1 күнүттэн от ыйын  15 күнүгэр диэри ыытыллар, 18-30 саастаах эдэр дьону ыҥыраллар.
Бу саас Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэригэр 150 тыһыынча киһини ыҥырары былаанныыллар.

Санаттахха, быйылгыттан аармыйаҕа ыҥырыллар эр дьон саастарын үрдэтэр туһунан сокуон олоххо киирбитэ. Ол курдук, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн аармыйаҕа ыҥырыыга 18-тан 30-гар диэри саастаах эр дьон хабыллыахтара. Урут ыҥырыллар муҥутуур саастара 27 этэ.

Федеральнай сокуон ирдэбилинэн, Уһук Хоту олохтоохторо ыйы хойутаан ыҥырыллаллар. Оттон педагогическай үлэһиттэри сулууспаҕа  ыам ыйын 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри ыҥырыахтара. Ону сэргэ тыа сирин олохтоохторугар анаан, ыһыы уонна хомуур кэмигэр үлэлээччилэргэ, бэбиэскэни алтынньы 15 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыахтара.

Сокуоҥҥа киирбит уларыйыыларынан, аармыйаттан куотунар эдэр дьон сорох бырааба хааччахтаныан, ону тэҥэ холуобунай эппиэккэ тардыллыан сөп. Ону таһынан суут быһаарыытынан 200 тыһ. солк. диэри ыстараап олохтонор, эбэтэр алта ыйга диэри болдьохтоон көҥүлэ быһыллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
5
+1
0
+1
0
+1
2
+1
3
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago