Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн буолбута. Судаарыстыба баһылыга ааспыт сыллааҕы сырыытын кэмигэр аан бастаан хотугу сир сайдыытын стратегиятын көрдөрөр экэниэмикэҕэ эрэ буолбакка, киһи хапытаалын, социальнай инфраструктура уонна култуура салаатын боппуруостарыгар болҕомтотун ууран, кэккэ соруктары туруоран барбыта. Дьэ, ол кэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ туох саҥа киирдэ, оҥоһулунна. Бүгүн биһиги ону ырытан көрүөхпүт.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ 2014 сылтан ыла Саха сиригэр кэлэ сылдьыбатаҕа, онон ааспыт сылга кэлэрин хоту сир дьоно эрэнэ күүппүппүт. Бэлиэтээн эттэххэ, бу сырыытыгар Владимир Путин өрөспүүбүлүкэҕэ да, бүтүн дойдуга да улахан суолталаах түгэнинэн буолбута, элбэх боппуруос быһаарыллыбыта. Ааспыт сыл түмүгүнэн Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ ол кэмтэн ыла көмө улааппытын, сайдыы суола аһыллыбытын бэлиэтээбитэ.
Ордук, бу сырыыга кэпсэтии алмааһы, ньиэби, гааһы, таас чоҕу хостооһун туһунан буолбакка, хоту сиргэ дьон олоҕун таһымын үрдэтии уонна тупсарыы буолбута. Аны тылынан эттэххэ, киһи хапытаалын сайыннарыыга болҕомто ууруллубута – ол, биллэн турар, дьон олоҕун тупсарыыга тирэҕинэн буолара саарбаҕа суох.
Туруктаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон, биллэн турар, олоҕу хамсаталлар. Киһи кыаҕын сөпкө туһаннахха уонна олоҕун уйгутун үрдэттэххэ, сайдыы барар, экэниэмикэ туруктаах буолар. Онуоха дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүллэрэ олус улахан көмөнөн буолаллар.
Бэрэсидьиэн сырыытын өссө биир үтүө түмүгүнэн, биирдиилээн дьон дохуоттарыгар (НДФЛ) хотугу надбавкаҕа уонна коэффициеҥҥа нолуогу үрдэтэри тохтотор туһунан быһаарыыны ылыллыыта буолар. Бу быһаарыы үлэ көҕүн үрдэтиэ уонна хоту улуустарга исписэлиистэри тардыыга дьоһун хардыынан буолуоҕа. Ону тэҥэ «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагырааманан үлэлии барааччылары НДФЛ төлөбүрдэриттэн босхолууру былаанныыллар.
Бэрэсидьиэн Дьокуускай куорат устун айанныырын, олохтоохтор уруйдуу-айхаллыы, далбаатаан арыаллаабыттара. Дойду Аҕа баһылыга Сэргэлээх оройуонунан ХИФУ куорпустарын аттынан ааһарыгар, дьон суол икки кытыытыгар тоҕуоруһан туран, баҕар, тохтоон ааһыа диэн эрэнэ кэтэспитэ. Ол эрээри тохтообокко, үргүлдьү ааспыта. Маннык улахан киһи сырыытын былаана, биллэн турар, «чып кистэлэҥҥэ» тутуллар. Бэрэсидьиэн бу сырыытыгар Дьокуускайдааҕы Муусука үрдүкү оскуолатын көрө тиийэ сылдьыбыта. Канадскай технологиянан 90-с сылларга тутуллубут Дьокуускайдааҕы Муусука үрдүкү оскуолата эргэрбитин бары билэбит. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан муусука кэрэ алыбар ылларбыт оҕолору талан, олордон эрэ үөрэтэллэр. Аан дойдуга тиийэ аатырбыт элбэх култуура үлэһитэ иитиллэн-үөрэнэн тахсыбыт бастыҥ көрдөрүүлээх оскуола буолар.
Ону Бэрэсидьиэн Владимир Путин өйдөөн, тус сорудаҕынан Дьокуускайдааҕы Муусука үрдүкү оскуолатын саҥа куорпуһун тутууга 1,5 млрд солк. тахса суумалаах үбү көрдөрбүтэ дьоһуннаах түгэнинэн буолбута. Бу судаарыстыба култуура сайдыытын сөпкө инвестициялыырын бигэргэтэр, ол онтон өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕо сайдар эрэ тускуллаах.
Кэнники сылларга сайын аайы Саха сиригэр ойуур улахан баһаардара тураннар, сир-уот күл-көмөр буолар, экологияҕа үлүгэрдээх хоромньу тахсар. Ойуур баһаарын утары сэрэтэр үлэттэн саҕалаан, баһаар сезонугар, чөлүгэр түһэриигэ сыл аайы үбүлээһин улаатан иһэр. Бу эмиэ дойду баһылыгын үтүөтэ диэххэ сөп. Кини быһаччы сорудаҕынан, ойуур баһаарын утары үлэҕэ, айылҕаны харыстааһыҥҥа үбүлээһин лаппа улаатта.
Судаарыстыбаннай Дуума иккис ааҕыыга ылыммыт дойду сүрүн үбүн-харчытын докумуонун бырайыагынан 2025 сылга федеральнай бүддьүөттэн 4,3 млрд солк. көрүллүөҕэ, бу ааспыт сыллааҕы үбүлээһинтэн икки төгүл элбэх диэн бэлиэтиэххэ наада. 2024 сыллаахха Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн ойууру харыстааһыҥҥа, ааспыт үс сылга курдук, 1,6 млрд солк. ылбыта.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу салааҕа 2025 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр үп эмиэ улаатта. 2024 сылга Саха сирин ойуурун баһаартан харыстыыр дьаһалларга 1 млрд солк. кэриҥэ харчы көрүллэр эбит буоллаҕына, быйылгы сылга 1,3 млрд солк. тахсара былааннанар. Ол аата, 2025 сылга ойууру баһаартан харыстыырга 5,7 млрд солк. көрүллүөҕэ.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнин биир ураты болҕомтотун уурар хайысхатынан Өлүөнэ муостатын тутуу буолар. Кини сорудаҕынан ыра санаа оҥостубут муостата 2028 сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. 2025-2027 сылларга Федеральнай бүддьүөттэн уонна РФ Бырабыыталыстыбатын 25.12.2023 3907-р №-дээх уурааҕар сөп түбэһиннэрэн, бырайыагы олоххо киллэрэргэ федеральнай үбүлээһин 2025 сылга 1,3 млрд солк., 2026 сылга – 3,7 млрд солк., 2027 сылга – 18,9 млрд солк.
Өлүөнэ муостатын тутууга 2025 сылтан 2027 сылга диэри уопсайа бырайыак быһыытынан 24 млрд солк. көрүллүө.
Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн ааспыт күһүҥҥүттэн саҕаламмыт муостаны тутуу эргиччи барыстаах буолуоҕа. Өлүөнэ муостатын тутуу – аан дойдуга суох уустук бырайыак. Бу сүдү инженернэй тутуу уонунан сылларга кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар сулууспалыаҕа. Биһиэнин курдук ураты тыйыс усулуобуйалаах дойдуга маннык улахан муоста тутуллубута диэн ханна даҕаны суох. Онон бу бырайыакка олус улахан болҕомто ууруллар.
Кэнники «маастар-былаан» диэн «муодунай» тыл баар буолла. Өрөспүүбүлүкэбит бөдөҥ куораттарын сайыннарыы бырайыагын аны итинник ааттыыр буоллубут.
Дойду баһылыга Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттарын маастар-былааннара олоххо киирэллэрин эмиэ болҕомтотун киинигэр тутар. 2025 сылга бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ федеральнай бүддьүөккэ 4,97 млрд солк. көрүллүбүтэ. Көрүллэр үбүнэн Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар инфраструктуралара саҥардыллыа. Биллэн турар, бу куораты былаанныырга уонна куорат эйгэтин хаачыстыбатын тупсарыыга саҥа кыахтары үөскэтиэҕэ.
Куорат саҥардыллыахтаах былаана быһаарыллан үлэ ааспыт сылтан саҕаламмыта. Маастар-былааннары дойду бастыҥ архитектордорын икки ардыгар норуот икки ардыларынааҕы күрэхтэһии түмүгүнэн оҥорбуттара.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Саха сиригэр сырыыта өрөспүүбүлүкэ сүрүн түгэнинэн эрэ буолбакка, Арассыыйа хотугу территорияларын сайыннарыыга саҥалыы сыһыанын бэлиэтинэн буолар диэххэ сөп. Дойду аҕа баһылыга кэлэн бараатын кытары улахан хамсаныы таҕыста, ону эбии үбү-харчыны тыырыыга да, саҥа бырайыактары өйөөһүҥҥэ да көрүөххэ сөп. Ил Дархан Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин Саха сиригэр сырыытын кэмигэр саҕаламмыт үтүө уларыйыылар «өссө да өр сылларга биллиэхтэрэ» диэн бэлиэтээн турар. Бу киһи хапытаалын саҥардыыга уонна сайыннарыыга, саҥа үлэ миэстэтин тэрийиигэ, инфраструктураны тупсарыыга уонна айылҕа харыстабылыгар туруктаах хайысханы кэрэһилиир.
Владимир Путин кэлэ сылдьан «Земскэй учуутал» бырагырааманы кэҥэтииттэн креативнай индустрияны өйөөһүҥҥэ тиийэ туруорбут соруктара билигин ырытыллан оҥоһулла сылдьаллар.
Оҥоһуллубут түмүктэр уонна ылыллыбыт быһаарыылар федеральнай былаас өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһиннэрин өйүүрүн уонна Саха сирэ уһун болдьохтоох сайдыытын хааччыйарга бэлэмнэрин көрдөрөллөр. Владимир Путин Саха сирэ уонна Уһук Илин экэниэмикэлэрэ салгыы сайдар кэскиллэрин түстүүр соруктара олоххо хото киирэллэр.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 7 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аһын-үөлүн бэлиитикэтин министиэристибэтэ “СӨ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга…
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр төлөбүрдэр тустарынан чуолкайдааһыны оҥордо…
Саха сиригэр эр киһи экстремизмҥэ ыҥырыытын иһин усулуобунай болдьоҕу биэрдилэр. Силиэстийэ быһаарбытынан, эр киһи социальнай…
Бу күннэргэ Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Иван Бугаев ыалдьыттаан ааста. Кини…
«Золотой фонд театральных постановок России» куонкуруска кыттарга бастыҥ испэктээктэри талыы бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Барыта 300…