Владимир Путин Саха сирин салгыы сайдыытыгар сабыдыаллыыр дьоһун быһаарыылары ылынна

Владимир Путин Саха сирин салгыы сайдыытыгар сабыдыаллыыр дьоһун быһаарыылары ылынна

06.02.2024, 18:06
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалтата
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна онно өлбүт дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр Уһук Илиҥҥи уонна Арктикатааҕы ипэтиэкэ бырагырааматын тэнитэргэ соруйда. Буолаары буолан чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа — сааһынан уонна дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан хааччаҕа  суох буолуохтаах.

“Уһук Илиҥҥи уонна Арктикатааҕы ипэтиэкэ” бырагыраама усулуобуйатыгар байыаннай дьайыыга кыттар уонна байыаннай дьайыы соруктарын толоро сылдьан өлбүт гражданнар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр бырагыраама туһаныллыытын көрөр уларытыылары киллэриини хаччыйарга”, — диэн судаарыстыба баһылыгын сорудаҕар этиллэр.

“Бу биһиги байыаннай сулууспалаахтарбытыгар сүҥкэн көмө, дьиэ атыылаһарга кыах”, — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Маннык сорудаҕынан маны тэҥэ педагогическай үлэһиттэргэ уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр идэлэринэн үлэ ыстааһа баар буолуутун ирдэбилэ тохтотуллар – бу иннинэ идэлэринэн аччаабыта биэс сыл Арктикаҕа эбэтэр Уһук Илиҥҥэ үлэлиэхтээх этилэр.

Монокуораттарга ипэтиэкэ кирэдьиитин муҥутуур кээмэйэ олорор дьиэ-уот иккис ырыынагар 9 мөл. солкуобайга диэри улаатар, өскөтүн олорор дьиэ иэнэ 60 кв. миэтэрэни куоһарар буоллаҕына. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ бу уларыйыы Нерюнгри, Мииринэй, Удачнай куораттарыгар, ону тэҥэ Алдан оройуонун Кураанах, Мииринэй оройуонун Айхал уонна Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһүөлэктэригэр туһаныллар.

Өссө “Уһук Илиҥҥи уонна Арктикатааҕы ипэтиэкэ” бырагыраамаҕа бэрэсидьиэн уларытыыта —  РФ Арктикатааҕы түөлбэтигэр квадратнай миэтэрэ сыаната дьиҥнээх ырыынак сыанатынан ааҕыллыаҕа.

“Ону тэҥэ кулун тутар 1 күнүгэр диэри РФ Бырабыыталыстыбата Арктика түөлбэтигэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ кв. миэтэрэ сыанатын чочуйууга этиилэри бэлэмниир – тутуу сыанатын дьиҥнээх сыанатыгар олоҕуран. Бу Саха сиригэр олус суолталаах”, — диэтэ Саха сирин баһылыга.

Санаттахха, Уһук Илин эрэгийиэннэрин рейтинигэр олорор дьиэни үлэҕэ киллэриинэн Саха сирэ Приморье кыраайын кэнниттэн иккис миэстэҕэ иһэр. 2023 сылга олорор дьиэни үлэҕэ киллэрии 705,13 тыһ. кв. м. тэҥнэспитэ (былаантан 108,5 бырыһыан), ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр – 315,47 тыһ.кв. м (былаантан 100 быр.), кэтэх дьиэлэр – 389,66 тыһ. кв.м. (былаантан 116 быр.)

Саха сиригэр саахалланар дьиэ пуондатыттан дьону көһөрүү бырагыраамата киэҥ хабааннаахтык олоххо киирэр. 2019 сылтан саҕалаан, бырагыраама саҕаланыаҕыттан, 32,57 тыһ. киһи 615 тыһ. кв. м. саахалланар дьиэттэн көһөрүллүбүтэ. Элбэх кыбартыыралаах  60 дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Саха сиригэр Арктика алта оройуонугар элбэх кыбартыыралаах 25 дьиэ үлэҕэ киирдэ (422 кыбартыыра), 9 оройуоҥҥа элбэх кыбартыыралаах 15 дьиэ тутуллар (323 кыбартыыра). Өссө Арктика 11 оройуонун хабан, 26 олорор дьиэни тутуу торумнанар (461 кыбартыыра).

2030 сылга Дьокуускайга саахалланар туруктааҕынан 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри билиниллибит дьиэлэри көтүрүөхтэрэ. Бу тыһыынчаттан тахса саахалланар туруктаммыт дьиэлэр, итилэртэн саҥа кыбартыыраларга 40 тахса тыһыынча куорат олохтооҕо көһөрүллүөҕэ.

Саха сирэ “Уһук Илиҥҥи уонна Арктикатааҕы ипэтиэкэ” бырагырааманан түһэрсиллибит атыылаһыынан Бүтүн Арассыыйатааҕы испииһэги баһылаата. Өрөспүүбүлүкэҕэ 21,3 тыһыынча ипэтиэкэ бэриллибитэ. Арассыыйа үрдүнэн бырагыраама үлэлээбит түөрт сылыгар 80 тыһ. тахса ипэтиэкэ кирэдьиитэ регистрацияламмыт.

Өрөспүүбүлүкэ тутууга миниистирэ Виктор Романов этэринэн, ааспыт сылга 2% Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэнэн 8880 Саха сирин ыала олорор усулуобуйатын тупсарбыт.

“2023 сылга 47,3 млрд солк. суумалаах 8882  кирэдьиити ылбыттара. Ол иһигэр кэтэх олорор дьиэни тутууга бу бырагырааманан 19,1 млрд солкуобай суумаҕа 3449 кирэдьиит бэриллибитэ”, — диэтэ Виктор Романов.

“Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ” бырагыраама 2019 с. Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэҕэ киирбитэ. 2023 с. сэтинньи 30 күнүгэр РФ Бырабыыталыстыбата 2% чэпчэтиилээх ставканан  “Уһук Илиҥҥи” бырагыраама үлэтин тэниппитэ. Билигин маны “Уһук Илиҥҥи уонна Арктикатааҕы ипэтиэкэ” дииллэр. Бастаан бырагыраама 2025 сылга диэри үлэлиир диэн этэ, ону РФ Бэрэсидьиэнин быһаарыытынан 2030 сылга диэри уһаппыттара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: