Салгыы
Владимир Путин Саха сирин үйэлээх үгэһин туһунан эттэ

Владимир Путин Саха сирин үйэлээх үгэһин туһунан эттэ

28.06.2024, 11:23
РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин бэлиэтииринэн, Саха сирэ норуот үгэһин дьиҥ-чахчы илдьэ сылдьар эрэгийиэн буолар. Бу туһунан кини Вьетнамҥа Арассыыйаҕа үөрэммит устудьуоннары кытары көрсүһүүтүгэр эппитэ.

Владимир Путин Вьетнамҥа Сэбиэскэй Сойуус уонна Арассыыйа үрдүкү үөрэхтэригэр үөрэммит устудьуоннары кытары көрсөн кэпсэппитэ, кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдаабыта. Иитии, искусство, култуура туһунан боппуруоска хоруйдууругар Саха сирин холобурдаата.

Иитии, искусство туһунан ыйытыыга маннык хоруйдуом этэ. Манна кэлиэм иннинэ Корея Народнай-Демократическэй Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Саха сиригэр сырыттым. Эһиги билэҕит, Саха сирэ – Арассыыйа бөдөҥ эрэгийиэнэ. Сирин-уотун иэнинэн ыллахха, бүтүн Индия саҕа сирдээх. Саха сиригэр тэриллибит Музыка үрдүкү оскуолата иитии, искусство, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа бүүс-бүтүннүүтүгэр эппиэттиир диэн көрөбүн. Иитии, мин саныахпар, биһиги үгэстэрбититтэн, култуурабытыттан саҕаланыахтаах. Чуолаан, национальнай култуураттан. Биһиги мантан тирэх ыларбыт сөп. Тоҕо диэтэргин, хас биирдии норуот, судаарыстыба култууратыттан бүтүн аан дойду култуурата, искусствота төрөөн-үөскээн тахсар, — диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: