Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» хампаанньаҕа махтанна

Share

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» национальнай ньиэп уонна гаас хампаанньатыгар тус махталын биллэрдэ. Туһааннаах дьаһал Кириэмил саайтыгар бэчээттэннэ.

Ил Дархан Айсен Николаев «Сахатранснефтегаз» хампаанньа хамаандатын уонна генеральный дириэктэрин Алексей Колодезниковы бу үрдүк наҕараадатынан эҕэрдэлээтэ. Тыйыс усулуобуйаҕа хампаанньа систиэмэлээх үлэни ыытарын бэлиэтээтэ.

«Сахатранснефтегаз» хамаандатын уонна генеральнай дириэктэр Алексей Засимович Колодезниковы истиҥник эҕэрдэлиибит. Үрдүк идэтийиигит, кытаанах майгыгыт, Саха сирин сайдыытыгар дьоһун кылааккыт иһин махтанабын. Ситими саҥардыыга уонна эрэллээх буолууну үрдэтиигэ саҥа соруктар күүтэллэр, ону кыайыаххыт диэн бигэ эрэллээхпин», — диэн MAX сыһыарыыга бэйэтин ханаалыгар суруйда.

2025 сылга хампаанньа  400 км гаас турбатын тарта, бу Саха сирин устуоруйатыгар саҥа рекорд буолар. Быйыл хампаанньа Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа норуодунай бырагырааматын хайысхатынан олоххо киирэр социальнай гаастааһын бырагырааматыгар былаанын өссө төгүл куоһарда. «Сахатранснефтегаз» былаан 133 %-нын толорон, 2088 ыалы гааска холбоото.

Быйыл хампаанньа дьон үбэ-харчыта кыттыыта суох, сир учаастагын кыраныыссатыгар диэри 1957 гаас турбатын тарта. Бу сыллааҕы былаан 125%-на. Ону таһынан, 2021 сыл муус устар 21 күнүттэн гаастааһын бырагыраамата саҕаланыаҕыттан, социальнай гаастааһын бырагырааматынан түһэрсиллибит 11 604 дуогабарыттан 11 591 сир учаастагын кыраныыссатыгар диэри гаас турбата тардыллыбыт, онно 10 665 холбооһун оҥоһуллубут.

Саха сирэ социальнай гаастааһыҥҥа Уһук Илиҥҥэ бастакы, дойду үрдүнэн алтыс миэстэлээх.

Хампаанньа 100 нэһилиэнньэлээх пууну айылҕа гааһынан хааччыйар. Сыл аайы 1700 мөлүйүөн кубометр кэриҥэ айылҕа гааһын туһанааччыларга тиэрдэр.

Акционернай хампаанньа 1000-тан тахса оҥорон таһаарыы эбийиэгин үлэлэтэр, ол иһигэр 61 гааһы тарҕатар ыстаансыйа, 40 радиорелейнай ыстаансыйа уонна 446 гаас баттааһынын хонтуруоллуур ыстаансыйа.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/17307

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа Федора Иванова 104 сааһын туолла

Олунньу 14 күнүгэр Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа, тыыл бэтэрээнэ Федора Николаевна Иванова 104 сааһын туолла.…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыастарга олунньу 23 күнүгэр анаан бэлэхтэри ыыттылар

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр диэри биир нэдиэлэттэн эрэ ордук кэм хаалла. Дьокуускайтан байыаннай дьайыы зонатыгар…

43 минуты ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: өлүктэр көһүннүлэр, харчыны уорбуттар…

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 4 буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирдэ, диэн СӨ дьуһуурунай борокуруора биллэрэр. Дьокуускай…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн сылааһын уонна эйэни түстүүр аналлаах – «КүнЭйэ»

Уус Алдан улууһун Найахы иистэнэр уран тарбахтаах далбар хотуттара дойду көмүскэлигэр сылдьар буойуннарга анаан таҥас,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн — Аҕа дойду тас өттүгэр ытык иэстэрин толорбут интернационалист буойуттар күннэрэ

Сыл аайы олунньу 15 күнүгэр Арассыыйаҕа Аҕа дойду тас өттүгэр ытык иэстэрин толорбут интернационалист буойуттар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ийэ тыл күнүгэр Өксүү кинигэтэ сүрэхтэннэ

Дьокуускай куорат "Арчы" духуобунай киинин үлэһитэ,  алгысчыт, ырыаһыт, мэлдьи дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдыгынан сыдьаайа сылдьар Петр Кычкин,…

2 часа ago