Владимир Путин саллааттарга көмөлөһүү туһунан быһа эпииргэ кэпсэтиэҕэ

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хомуурга ыҥырыллыбыт саллааттарга көмөлөһүү боппуруоһун Арассыыйа олохтоохторун кытары быһа кэпсэтиэҕин туһунан Тверь уобалаһыгар ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.

Владимир Путин бэҕэһээ, сэтинньи 7 күнүгэр, Тверь уобалаһыгар үлэлээтэ. Волжскайдааҕы туристическай кластеры көрдө, эрэгийиэн салайааччытын Игорь Руденяны кытары көрсөн кэпсэттэ. Көрсүһүүгэ хомуурга барбыт саллааттарга көмөлөһүүнү, хамнастарын төлөөһүнү бэрэсидьиэн ордук туоһулаһан ыйытта.

Дьону-сэргэни кытары көрсөн кэпсэтэргит үчүгэй. Тус бэйэм эмиэ Арассыыйа олохтоохторун кытары кэпсэтэн, санааларын истэр былааннаахпын, — диэн иһитиннэрдэ кэпсэтии кэмигэр.

Итини таһынан бэрэсидьиэн, билиҥҥи туругунан, хомуурга ыҥырыллыбыт 80 тыһыынчаттан тахса саллаат анал байыаннай операция буола турар сиригэр баарын, итинтэн 50 тыһыынчата байыаннай дьайыыларга кытта сылдьарын иһитиннэрдэ. Хомуурга ыҥырыллыбыт саллааттарга, ханна сылдьалларыттан тутулуга суох, хас биирдиилэригэр болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, алтынньы 28 күнүнэн хомуурга ыҥырыы Арассыыйа үрдүнэн түмүктэммитэ. РФ оборуонатын миниистирэ Сергей Шойгу иһитиннэрбитинэн, Сэбилэниилээх күүстэргэ былааннаммыт 300 тыһыынча киһи хомуллубут.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago