Владимир Путин сорудаҕынан Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннара олоххо киирэр
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннара оҥоруу үлэтэ бара турар. Ол курдук сайдыы былааныгар 133 эбийиэк киирэн турар. 90 эбийиэк Дьокуускайга, 43 эбийиэк Нерюнгрига. Тутуулар уопсай суумалара — 560 млрд. солкуобай. Бу суума аҥаарын федеральнай бүддьүөттэн үбүлүөхтэрэ.
— Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Бэрэсидьиэн Уһук Илин куораттарын тупсарыыга быһаарыы ылыммыта. Бу дьон-сэргэ олоҕор-дьаһаҕар табыгастаах усулуобуйаны тэриниигэ тоҕоостоох түгэн буолар. Ол курдук куораттары реновациялааһын испииһэгэр икки куорат киирбитэ. Дьокуускай уонна Нерюнгри. Маастар-былааннар чэрчилэринэн бу куораттары сайыннарыыга үлэ барар. Ол туһунан Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа кэпсэтиэхпит, — диэн вице-премьер Юрий Трутнев иһитиннэрдэ.
«Кэлэр 2025 сылга Дьокуускайга уонна Нерюнгрига саҥа социальнай эбийиэктэр тутуулара былааннанар. Оскуолалар, уһуйааннар, ОДьКХ, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ. 2025-27 сылларга эбии үбү-харчыны көрүөхпүтүн наада. Бу федеральнай эрэ бүддьүөттэн буолбакка, сайдыы институттарыттан эмиэ киириэхтээх. Биһиги тохтуур санаабыт суох. Ол курдук Өлүөнэ муостатын тутуутуттан саҕалаан оскуола, уһуйаан тутууларыгар, балыыһалар өрөмүөннэригэр тиийэ барыта биһиги болҕомтобут далыгар буолуоҕа. Бу барыта куораттарбытыгар, тыа сиригэр олох таһыма тупсарын туһугар туһуланар «, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэр.
Бу сылга 23 бырайыак олоххо киириэҕэ, онтон түөрдэ түмүктэниэҕэ. Ол курдук Жатайдааҕы суудуналары тутар верфь бастакы түһүмэҕэ бүтүөҕэ. Куораты тутууга биир кэлим үлэ ыытыллар. Нерюнгри куоратын тутууга 19 бырайыак көрүллүбүт. Сүрүн болҕомто доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр ууруллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: