Владимир Путин: «Төрөөһүн көрдөрүүтүн көннөрүөхпүтүн наада!»
Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэ быһа эпииригэр демография боппуруоһун тумнубата.
Арассыыйаҕа икки төгүл төрөөһүн улаханнык түһэ сылдьыбыта: Аҕа дойуну көмүскүүр сэрии кэмигэр уонна дойду ыһыллыбыт ааспыт үйэ 90-с сылларыгар. Бу «демографическай дьаама» кэмигэр төрөөбүт оҕолор улааталларын саҕана, төрүүр саастаах дьахтар ахсаана аҕыйаан, төрөөһүн эмиэ түһэр. Билигин төрүүр саастаах дьахтар ахсаана 30%-нан аҕыйаабыт.
— Ол иһин Арассыыйаҕа төрөөһүн таһыма 1,4%-ҥа диэри түстэ. Ол аата төрүүр саастаах биир дьахтарга бачча оҕо тиксэр. Дьиҥэ, бу көрдөрүүнү 2,3%-ҥа тиэрдиэхтээхпит, ол эбэтэр, хас биирдии дьахтар иккиттэн тахса оҕолоох буолуохтаах. Атын дойдуларга эмиэ төрөөһүн көрдөрүүтэ өссө намыһах.
Демография боппуруоһа дойдубутугар биир саамай суолталаах боппуруос буолар. Дойду диэн сир эрэ буолбатах, нэһиилэнньэнэн толоруохха, төрөөһүн көрдөрүүтүн тупсарыахпытын наада. Төрөөһүнү элбэтэргэ кэккэ бырагыраамалар үлэлииллэр. Ийэ хапытаала диэн көмө миэрэтэ аан дойуга ханна да суох. Ийэ хапытаала сыллата индексацияланан, эбиллэн иһэр.
Онон элбэх оҕолоох ийэ диэн судаарыстыбаннай суолталаах, кинини бары өттүнэн өйүөхтээхпит. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ дьиэ кэргэн боппуруоһугар улахан суолта бэриллиэхтээх, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: