Владимир Путин: «Төрөөһүн көрдөрүүтүн көннөрүөхпүтүн наада!»

Share

Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэ быһа эпииригэр демография боппуруоһун тумнубата.

Арассыыйаҕа икки төгүл төрөөһүн улаханнык түһэ сылдьыбыта: Аҕа дойуну көмүскүүр сэрии кэмигэр уонна дойду ыһыллыбыт ааспыт үйэ 90-с сылларыгар. Бу «демографическай дьаама»  кэмигэр төрөөбүт оҕолор улааталларын саҕана, төрүүр саастаах дьахтар ахсаана аҕыйаан, төрөөһүн эмиэ түһэр. Билигин төрүүр саастаах дьахтар ахсаана 30%-нан аҕыйаабыт.

— Ол иһин Арассыыйаҕа төрөөһүн таһыма 1,4%-ҥа диэри түстэ. Ол аата төрүүр саастаах биир дьахтарга бачча оҕо тиксэр. Дьиҥэ, бу көрдөрүүнү 2,3%-ҥа тиэрдиэхтээхпит, ол эбэтэр, хас биирдии дьахтар иккиттэн тахса оҕолоох буолуохтаах. Атын дойдуларга эмиэ төрөөһүн көрдөрүүтэ өссө намыһах.

Демография боппуруоһа дойдубутугар биир саамай суолталаах боппуруос буолар. Дойду диэн сир эрэ буолбатах, нэһиилэнньэнэн толоруохха, төрөөһүн көрдөрүүтүн тупсарыахпытын наада. Төрөөһүнү элбэтэргэ кэккэ бырагыраамалар үлэлииллэр. Ийэ хапытаала диэн көмө миэрэтэ аан дойуга ханна да суох. Ийэ хапытаала сыллата индексацияланан, эбиллэн иһэр.

Онон элбэх оҕолоох ийэ диэн судаарыстыбаннай суолталаах, кинини бары өттүнэн өйүөхтээхпит. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ дьиэ кэргэн боппуруоһугар улахан суолта бэриллиэхтээх, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэнсиэрдэрэ сэргэхтик ааста

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Биэс оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Айаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ!

Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…

5 часов ago
  • Сыыппара
  • Үөрэх

ИТ-хайысханан үлэ булар чэпчээтэ

Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгри ыалдьыттары көрсөргө тэтимнээхтик бэлэмнэнэр

Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар  эппиэттээх исписэлиистэрэ,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Домофон уларытаары киирэн биэрбит

Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…

7 часов ago