Владимир Путин Турция миниистирин кытары көрүстэ
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин ыам ыйын 11 күнүгэр Турция Өрөспүүбүлүкэтин тас дьыалаларга миниистирин Хакан Фиданы кытары көрүстэ. Көрсүһүүгэ Турция БРИКС түмсүүтүгэр киириитин туһунан кэпсэттилэр.
Хакан Фидан БРИКС (Бразилия, Арассыыйа, Индия, Кытай уонна Соҕуруу Африка түмсүүлэрин) тас дьыалаларга миниистирдэрин көрсүһүүлэригэр кытта сылдьар. Бу күннэргэ Аллараа Новгородка БРИКС түмсүүтүн миниистирдэрин саммита буола турар. Санатан эттэххэ, бу сылга БРИКС түмсүүтүгэр Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир, онон быйылгы саммит алтынньыга Татарстаҥҥа ыытыллыахтаах.
Владимир Путин уонна Хакан Фидан Турция БРИКС түмсүүтүгэр киириитин туһунан кэпсэттилэр. Билигин бу түмсүүгэ уон дойду баар. Түмсүүнү тэрийбит биэс бастакы дойдуну таһынан манна Египет, Иран, Холбоһуктаах Араб Эмираттара, Эфиопия уонна Саудовскай Аравия бааллар.
— Биллэн турар, биһиги Турция бу түмсүүгэ киирэрин биһириибит уонна өйүүбүт. Буолаары буолан, билигин, дойдуларбытыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыга да, экэниэмикэ да өттүгэр бииргэ үлэлэһиибит ордук суолталаммыт кэмигэр, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн Владимир Путин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: