Владимир Путин тырааныспар миниистирин кытары көрүстэ

Share

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 30 күнүгэр РФ тырааныспарын миниистирин Роман Старовойту кытары көрүстэ. Миниистир мунньахха бэлиэтээбитинэн, тырааныспар эйгэтигэр бүддьүөттэн биэс сылга 9 триллионтан тахса солкуобай көрүллүбүт.

Миниистир Роман Старовойт көтөр ааллар тустарынан этэригэр, Дьокуускайга саҥа көтөр балаһа олоххо киирбитин бэлиэтээн эттэ.

Дьокуускайга 3600 миэтэрэлээх саҥа көтөр балаһа оҥоһулунна. Томскайга, Ставропольга, Улан-Удэҕэ, Магадаҥҥа саҥа терминаллар олоххо киирдилэр, — диэн иһитиннэрдэ.

Тимир суолу тутууга сыһыаран, Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Быйыл Мариуполь куоракка, тимир суол вокзала сөргүтүллүбүт. БАМ иккис хайысхатынан Куанда-Куандинскай тимир суола оҥоһуллубут.

Оттон муора суолун туһунан этэригэр Приморьеҕа, Мурманскайга, Калининградка саҥа терминаллар, уу тырааныспардара кытыыга тиксэр  сирдэрэ (причаллар) оҥоһуллубуттарын иһитиннэрдэ.

Айан суолугар Грузия, Азербайджан, Кытай кыраныыссаларыгар хонтуруоллуур, көрөр пууннар саҥардыллыбыттарын, кэҥэтиллибиттэрин эттэ.

Миниистир түмүккэ тырааныспарга, суолга-иискэ сыһыаннаах саҥа национальнай бырайыакка 2030 сылга диэри барыта 9 триллионтан тахса солкуобай көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Спутник” лааҕырга федеральнай бырагырааманан саҥа куорпустар тутулуннулар

Дьокуускайга “Спутник” оҕо лааҕырыгар саҥа куорпустар аһылыннылар. Түөрт түргэнник таҥыллар эбийиэги Арассыыйа Үөрэҕириитин министиэристибэтин федеральнай…

2 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Зори здесь тихие» «Улуу Кыайыы тыйаатыра» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр киирдэ.

Опера уонна балет тыйаатырын «Зори здесь тихие» туруоруута «Улуу Кыайыы тыйаатыра» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр киирдэ.…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: халадьыас киһи доруобуйатыгар туһата…

Коллагеннаах халадьыас киһи уҥуоҕун бөҕөргөтөр уонна тириитин тупсарар, ону таһынан арыгы кэннэ доруобуйа туругун тупсарарга…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Өспөхтөр чуҥкуйары билбэттэр

Уус Алдан улууһугар Өспөх нэһилиэгэр дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр олохтоохтор, оскуола үөрэнээччилэрэ кинигэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр Дубай сакалаатыгар тиийбиттэр

Түөкүттэр дьон саамай интэриэһиргиир сонунун, өрүтүн ким хайа иннинэ туһана охсоллор. Онон мөкү болҕомтоҕо, аны,…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүттэр угаайыларыттан сэрэниҥ!

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу аҕыс түбэлтэтэ бэлиэтэммит.  Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

2 часа ago