Бу чааска РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Земскэй учуутал», «Муравьев-Амурский 2030», «Земскэй быраас» бырагыраама кыттыылаахтарын уонна Уһук Илин уокурукка көһөн кэлбит исписэлиистэри кытта көрсөн кэпсэтэ олорор.
Саха сириттэн үөрэҕин бүтэрэн баран, Абый улууһугар үлэлээбит эдэр исписэлиис Арктическай улуустарга туһааннаах исписэлиистэр тиийбэттэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, кини Хабаровскайга экэнэмиичэскэй үрдүк үөрэх кыһатыгар юрист идэтин баһылаан кэлэн баран, Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр ананан тиийбит. Онтон ыаллыы Муома улууһугар үлэлээн баран, Муома улууһугар көспүт. Идэтинэн үлэлээн, дуогабара бүппүтүн кэннэ Дьокуускайга көһөн кэлбит. «Биллэн турар, араас бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ ыччат дьон үлэлиэхтэрэ. Онон кинилэри хайаан да өйүүр наада», – диэн санаатын үллэһиннэ эдэр исписэлиис.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин: «Ыраах хотугу оройуоҥҥа үлэлээбит киһи бэрт сөптөөхтүк туруорсаҕын. Эн этиигин өйүүбүн. Кырдьык, улахан бырайыактары олоххо киллэриигэ араас идэлээх эдэр исписэлиистэр наадалар. Онон биһиги кинилэри хайаан да өйүөхпүт», – диэн бэлиэтээтэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…