Салгыы
Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотекаҕа ыстаапканы оннунан хаалларарга сорудахтаата

Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотекаҕа ыстаапканы оннунан хаалларарга сорудахтаата

10.09.2024, 17:54
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

От ыйыгар ипотечнай бырагыраамалар хаттаан көрүллэр кэмнэригэр, РФ Үбүн министиэристибэтигэр Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека  2 %-наах ыстаапкатын сыыйа улаатыннаран иһэр наадатын туһунан кэпсэтиилэр барбыттара.

Ол эрээри билигин бу боппуруоска туочука турда – ВЭФ-2024 пленарнай сиэссийэтигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека 2 %-наах ыстаапкатын 2030 сыл бүтүөр диэри уһатарга сорудахтаата, диэн иһитиннэрэр @rgrunews.

“Кэлиҥҥи биэс сылга Уһук Илиҥҥэ сыллата тутуллар дьиэ кэриҥэ икки төгүл улаатта – бу бэртээхэй көрдөрүү. Быйылгы сыл түмүгүнэн 5 мөл. 600 тыһ. кв. м. киирэрэ күүтүллэр. Манна сүрүн оруолу “Уһук Илиҥҥи ипотека” оонньоото диэххэ сөп. Биһиги бу ипотекаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын киллэрбиппит.  Ону таһынан 36 саастарын туола илик эдэр ыаллар, “Уһук Илиҥҥи гектары” ылааччылар, оборуоннай-бырамыысыланнай комплекс тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, учууталлар, миэдиктэр киирсэллэр. Маннык усулуобуйа арктикатааҕы ипотекаҕа эмиэ тарҕанар, биһиги бу бырагыраамалары 2030 сылга диэри уһаппыппыт. Оттон усулуобуйатыгар сыһыаннаан Бырабыыталыстыбаҕа кэпсэтиилэр буолбуттарын билэбин. Манна туочуканы туруорарга этии киллэрэбин: Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека 2 %-наах ыстаапкатын оннунан хаалларарга”, — диэн тоһоҕолоон эттэ судаарыстыба Бэрэсидьиэнэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: