Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотекаҕа ыстаапканы оннунан хаалларарга сорудахтаата

Share

От ыйыгар ипотечнай бырагыраамалар хаттаан көрүллэр кэмнэригэр, РФ Үбүн министиэристибэтигэр Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека  2 %-наах ыстаапкатын сыыйа улаатыннаран иһэр наадатын туһунан кэпсэтиилэр барбыттара.

Ол эрээри билигин бу боппуруоска туочука турда – ВЭФ-2024 пленарнай сиэссийэтигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека 2 %-наах ыстаапкатын 2030 сыл бүтүөр диэри уһатарга сорудахтаата, диэн иһитиннэрэр @rgrunews.

“Кэлиҥҥи биэс сылга Уһук Илиҥҥэ сыллата тутуллар дьиэ кэриҥэ икки төгүл улаатта – бу бэртээхэй көрдөрүү. Быйылгы сыл түмүгүнэн 5 мөл. 600 тыһ. кв. м. киирэрэ күүтүллэр. Манна сүрүн оруолу “Уһук Илиҥҥи ипотека” оонньоото диэххэ сөп. Биһиги бу ипотекаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын киллэрбиппит.  Ону таһынан 36 саастарын туола илик эдэр ыаллар, “Уһук Илиҥҥи гектары” ылааччылар, оборуоннай-бырамыысыланнай комплекс тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, учууталлар, миэдиктэр киирсэллэр. Маннык усулуобуйа арктикатааҕы ипотекаҕа эмиэ тарҕанар, биһиги бу бырагыраамалары 2030 сылга диэри уһаппыппыт. Оттон усулуобуйатыгар сыһыаннаан Бырабыыталыстыбаҕа кэпсэтиилэр буолбуттарын билэбин. Манна туочуканы туруорарга этии киллэрэбин: Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека 2 %-наах ыстаапкатын оннунан хаалларарга”, — диэн тоһоҕолоон эттэ судаарыстыба Бэрэсидьиэнэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

«Тарат» кэпэрэтиип тыа хаһаайыстыбатын гранын ылла

Бэҕэһээ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүргэ туһуламмыт өрөспүүбүлүкэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара ааттаннылар. Уопсайа…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга рейдэ кэмигэр уоран арыгы атыылааччылары туттулар

Дьокуускай рейдэ кэмигэр полиция үлэһиттэрэ  сокуону кэһэн 120 лиитэрэ арыгы атыыламмытын  буллулар. Ол курдук, Чиряев,…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Михаил Николаев Саха сиригэр инновацияны киллэриигэ үгүһү оҥорбута»

Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев киллэрбит кылаатын туһунан “Прямой разговор” биэриигэ Саха сирин Ил Дархана…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Чэгиэн

Цифровой алмаас: Күннээҕи олоххо цифровой сайдыы өҥөлөрүн туһаннахха

Цифровой сайдыы ханна-ханна тиийбэтэҕэй диэххэ. Ол көмөтүнэн дьиэҕэ да олорон, балыыһаҕа  көрдөрүнэр кыахтаах эбиппит. Холобур,…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Алдаҥҥа суол саахалыгар дьахтар суоппар эчэйбит

Сэтинньи 12 күнүгэр сарсыарда 8:30 чаас саҕана Томмот куорат  - Алдан оройуонун Синегорье түөлбэ айан…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үүт-үкчү ийэҥ курдуккун? Күрэскэ кытын!

Сэтинньи 24 күнүгэр Арассыыйаҕа ыытыллар Ийэ күнүн көрсө, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ "Мамина копия" диэн…

1 час ago