Салгыы
Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотеката оннунан хааларын эттэ

Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотеката оннунан хааларын эттэ

19.12.2024, 21:22
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиир кэмигэр билиҥҥитэ Арктика эрэгийиэннэригэр куораттары биирдиилээн сайыннарыы бырагыраамата үлэлиирин, онно 25 нэһилиэнньэлээх пуун киирэрин бэлиэтээтэ. Бу бырагыраама кэҥиэҕэ.

“Биһиги онно 2 % чэпчэтиилээх ипотеканы оннунан хааллардыбыт. Дьон чэпчэтиинэн туһанар. Биһиги бу зонаҕа туспа нэһилиэнньэлээх пууннарга бырагыраама оҥоробут итиэннэ 200 куоракка диэри кэҥэтиэхпит. Кыра куораттарга эбии тугу оҥоруохха сөбүн көрүөхпүт” – диэн Владимир Путин эттэ.

“Уһук илиҥҥи уонна арктическай ипотека” бырагыраама Уһук Илин уокуругар саамай киэҥник биллэр.  Бу бырагыраама кирэдьиитин көмөтүнэн 136 тыһ. тахса ыал дьиэнэн хааччылынна. Бэриллибит кирэдьиит уопсай суумата 640 млрд. солк. тэҥнэһэр.

Саха сирэ тустаах бырагырааманан бэриллибит ипотечнай кирэдьиит ахсаанынан Уһук Илин федеральнай уокурукка иккис миэстэлээх. Ити көмөтүнэн 27 тыһ. эрэгийиэн олохтооҕо олорор дьиэтин усулуобуйатын тупсарда.

Санатан эттэххэ, “Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагыраама 2019 сыллаахха Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбитэ. 2023 сыл сэтинньи 30 күнүгэр РФ Бырабыыталыстыбата “Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагыраама тарҕаныытын кэҥэппитэ, манан Арктика зонатыгар чэпчэтиилээх ставка 2 % тахсыбат. Билигин ити “Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотека” диэн ааттанар. Маҥнай бырагыраама 2025 сылга диэри үлэлиэхтээҕэ, ол эрээри, РФ Бэрэсидьиэнин быһаарыытынан 2030 сылга диэри уһатылынна.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: