Владимир Путин уопсастыбаннай палаатаны кытары көрүстэ
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 3 күнүгэр уопсастыбаннай палаата чилиэннэрин кытары көрсөн, тирээн турар боппуруостары ырытта.
Быйыл уопсастыбаннай палаата ахсыс төгүлүн саҥалыы талыллан үлэлиир. Көрсүһүүгэ эрэгийиэннэр уопсастыбаннай палааталарын салайааччылара кытыннылар. Быйылгы мунньахха Арассыыйа састаабыгар киирбит түөрт эрэгийиэн эмиэ кыттыыны ылла.
Бэрэсидьиэн Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлээн туран, уопсастыбаннай түмсүүлэр билигин улахан оруолу ылалларын бэлиэтээн эттэ.
— Кэлиҥҥи сылларга судаарыстыба өттүттэн уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, кинилэр бырайыактарын олоххо киллэриигэ араас өрүттээх үлэ ыытыллар. Холобур, аҥаардас бэрэсидьиэн гранынан 125 миллиард солкуобай бэриллибит. Омос көрдөххө, бу кураанах сыыппара курдугун иһин, бу сыыппара мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун таарыйар. Бу бырайыактар бары уопсастыбаттан тахсыбыт буоланнар, күннээҕи олохпутун кытары ыкса сибээстээхтэр. Салгыы да бу хайысханан үлэ өссө күргүөмнээхтик барыа диэн эрэнэбин, — диэн этэр кини.
Владимир Владимирович байыаннай операция кыттыылаахтарын туһунан этэригэр билигин байыастар дьиэ кэргэттэригэр, бааһыран кэлбит саллааттарга көмөлөһүү “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонданы кытары тэҥҥэ барарын эттэ. “Уопсастыбаннай палаата “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонданы кытары ыкса үлэлэһэҕит. Чуолаан байыастар дьиэ кэргэттэригэр, бааһыран кэлбит саллааттарга күүс-көмө буолаҕыт. Бу олус суолталаах уонна билигин инники күөҥҥэ турар боппуруоспут. Түгэнинэн туһанан, эһиэхэ барыгытыгар махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Уонна бу үлэҕитин салгыы эрэгийиэннэри кытары тэҥҥэ ыытыҥ”, — диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: